Балаҕан ыйын 19 күнүттэн режиссер Дмитрий Давыдов «Чума» киинэтэ киэҥ экраҥҥа тахсыбыта уонна ааспыт нэдиэлэҕэ 3,2 мөлүйүөн солкуобайы хомуйда. Бастакы көрдөрбүт күннэригэр —877 тыһыынча солкуобайы «өлөрбүтэ».
«Режиссер Дмитрий Давыдов элбэх наҕарааданы ылбыт «Пугало» киинэтэ урут, бастакы нэдиэлэ түмүгүнэн 5 мөлүйүөн солкуобайы хомуйан турар.
Онтон «Чума» киинэ Италияҕа «Lucania Film Festival» киинэ бэстибээлигэр «International Fiction Film» номинацияҕа сүрүн бирииһи ылар. Маны тэҥэ, Германия Висбаден куоратыгар буолбут «goEast!» киинэ бэстибээлигэр ФИПРЕССИ наҕараадатын ылбыта.
Саха сиригэр саамай элбэх үбү-харчыны хомуйбут киинэнэн Марианна Сиэгэн «Карината» буолар. Аҕыйах нэдиэлэ иһигэр 12,4 мөлүйүөн солкуобайы «өлөрбүтэ». Онтон Михаил Лукачевскай «Кыталыктаах кырдалым» киинэтэ 12,2 мөлүйүөн солкуобайы хомуйан, рекордка кыранан тиийбэтэҕэ,» — диэн информационнай ситимнэргэ таһаараллар.
Биһиги уолбут Эрхан Слепцов оонньообут киинэлэрэ инник үрдүк таһымнаах буолбуттарын көрөр-истэр, ааҕар наһаа үчүгэй, уолбутунан киэн туттабыт.
Билигин тахсыбыт «Чума» киинэҕэ Эрхан, сүрүн герой уолун, ол эбэтэр эмиэ киинэ сүрүн оруолун толорор.
Бу киинэҕэ дьахтара суох эр дьон хобдох олохторо көстөр. Биир кэргэнэ өлбүт, иккис гиэнэ арахсан барбыт. Эр дьон, ити аһыыларын төһө да аһарына сатааталлар, кинилэр дьахтара суох мөлтөөбүттэрэ, олоххо тардыһыылара намтаабыта көстөр. Күн ахсын биир кыһалҕа, биир олох, биир санаа-оноо. Ол эрээри, улахан дьон манныкка төһө баҕарар олоруохтарын сөп. Онтон улаатан эрэр уолаттарга ийэ таптала, дьахтар илиитин сылааһа, өйөбүлэ туохтааҕар да тиийбэт. Онуоха үлэнэн муҥурданар аҕалар кинилэри хайдах даҕаны өйдүүр уонна өйүүр кыахтара суох. Төттөрүтүн, бэйэлэрин аһыыларын оҕолорунан таһаарар курдуктар. Ол да иһин «мөлтөх» Уйбаан уола «күүстээх» Владка сыстан, устунан сөбүлэтэн, киниэхэ олоро хаалар. Влад сэмэй, уйан майгылаах уола, аҕатын хаҕыс сыһыаныттан кэлэйэн, тэйэн барар. Уолаттар аҕаларын утары маннык эргийиилэрэ эр дьон икки ардыгар тыҥааһыны өссө күүһүрдэн биэрэр.
Тус бэйэм бу киинэҕэ оҕолор наһаа уустук оруоллары итэҕэтиилээхтик оонньообуттарын сөхтүм-махтайдым, биһирээтим уонна хас биирдии кинилэр курдук уол оҕо, үтүөкэн эр киһи буола улаатарыгар баҕардым.( диэн бэйэтин сэҥээриитин КҮНДЭЛИ суруйбутун «Кыым” хаһыат саайтыгар тахсыбытын быһа тардан ыллыбыт.)
Эрхан Слепцов номнуо бу хаһыс да оонньообут киинэтэ буолар, аан бастаан киинэ эйгэтигэр сүрэхтэммит оруола «Кэрэни көрбүт” (“Не хороните меня без Ивана”) киинэ буолар.
Уолбут хайдах киинэ эйгэтигэр киирбитин туһунан сиһилии билээри суолун арыйбыт, түстээбит киһититтэн күн күбэй Ийэтин Анна Слепцованы кэпсииригэр көрдөстүбүт.
— “Бу сыл Эрхаҥҥа киинэ сыла буолла, икки сүрүн оруолга оонньообут киинэлэрэ номнуо күөх экраҥҥа тахсан көрөөччү сэҥээриитин ылан тураллар. Билигин, алтынньы ый 15 күнүгэр “Триумф” диэн ааттаах киинэ тахсыахтаах, Коркин уонна кини үөрэнээччилэрин тустарынан, Эрхан манна Егор Пудов диэн спортсмен оҕо сааһын көрдөрөн кылгастык көстөн ылар да буоллар икки сыллааҕыта Чурапчыга баран уһуллан кэлбитэ.
«Биир сылга хас да уһуллубут киинэтэ тахсан эрэр, инник ханнык да артыыска буола илигэ буолуо”, диэн уһулааччылара күлэллэр.
Семен Ермолаев «Сибэкки бэлэхтээри» диэн пьесатынан сайын Нам Модутугар баран уһуллан кэлбитэ, онно сүрүн герой оҕо сааһын оонньообута, онтон “Хапсыһыы” киинэни таһаарбыт Эр Санаа Ох-Хотор режиссерга сүрүн оруолга эдэр ойуун уолун оонньуур. Бу маны Мэҥэ Хаҥаласка баар Наахара диэн, дириҥ устуоруйалаах сиргэ харысхал эҥин бөҕөлөөх баран уһуллан кэлбитэ. Билигин Дьулусхан Андросов диэн эдэр режиссер уол киинэтигэр уһуллаары сылдьар, онно 2000 сыллардааҕы арахсыылар тустарынан, мин санаатахпына “Слово пацана” диэн киинэ курдук быһылаах. Кини сүрүн оруолу оонньуохтаах, ол иһин колледжыттан үс нэдиэлэҕэ көҥүллэппиттэрэ.
Быйыл режиссер буолар баҕатын толорор сыалтан культуура колледжыгар актерско-режисерское мастерство идэҕэ туттарсан киирдэ, театральное творчество. Хас да сыл буолан баран саҥа набордаатылар, кини бөлөҕө этно хайысхалаах буолла.
Биһиги Саккырыырга баар бириэмэбитигэр куоракка соҕотох хаалан, эксээмэннэригэр бэлэмнэнэн, сүрдээх үчүгэйдик үрдүк баалга туттаран, баҕалаах үөрэҕэр киирэн үөрэнэ сылдьар. 4 сыллаах үөрэх, бүтэрдэҕинэ баҕа санаата диэн БГИИК-ка эбэтэр СПбГИКиТ-ка салҕыы режиссер үөрэҕэр үрдэттэ барыахтаах.
Биһиги Эрхан 5-с кылаас эрдэҕинэ куоракка көһөн кэлбиппит, ол кэлэн баран Ньургуйаана Шадрина Москуба куоракка баар Щепкин аатынан үрдүкү театральнай үөрэҕи бүтэрбит Саха тыйаатырын артыыскатын оҕо устуудьуйатыгар кастинг ааһан киирбитэ. Барыта онтон саҕаламмыта, онно сылдьан араас испиктээктэргэ оонньууллар этэ. “Кыталыктаах кырдалым” диэн киинэҕэ кастиҥҥа Ньургуйаана Шадрина илдьибитэ. Онно тутатына хас да оҕоттон таба көрөннөр, талылланнар Аммаҕа барбыттара, икки нэдиэлэлээх лааҕыр ааспыттара.
Оҕолорбутун сайыннарабыт диэн Дьокуускайга көһөн кэлбиппит, ол сыалбытын аһары толорон кэбистибит диэххэ сөп(күлэр). Оҕобут биһигитэн тутулуга суох буолла, бэйэтэ хамнастанан суола аттарыллан сылдьар. Дьиэбитигэр көрбөппүт даҕаны, куруутун ханна эрэ кыттар, барар-кэлэр, олох солото суох киһи.
Оҕону ис кыаҕын сайыннарыахтааххын, онон кини олоҕун оҥостуохтаах, киниэхэ ситиһии кэлиэхтээх диэн өйдөбүл баар дии, ол иһин биһиги ханна да күһэйэн туран атын эйгэҕэ биэрбэтэхпит. Кыра эрдэҕиттэн үҥкүүннэн дьарыктанааччы Василий Федоровичтыын үҥкүүгэ дьоҕурдааҕын көрөммүт. Онтон киһибит артыыс өттүнэн талааннаах эбит диэн бэлиэтии көрөн ол хайысханнан сайыннаран барбытым.»
Оҕобут бэйэтин баҕа санаатын толороругар сыал-сорук туруорунан иннин-хоту баран иһэрин көрөн-истэн олус үөрэбит, киэн туттабыт.
Марианна СЛЕПЦОВА