Биэс уон сылы киэр илгэн… Истиҥ көрсүһүү

Өрөспүүбүлүкэбит араас оройуоннарыттан түмсэн, «Орто дойду» кэлимин киэҥ туонатыгар сүрдээх элбэх киһилээх сүүнэ тэрээһин буолан ааста. 1974 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрээччилэр 50 сылларын бэлиэтээн, слет тэриллэн ыытылынна. Бу көрсүһүүгэ биһиги биир дойдулаахпыт Венера Колесова сырытта.

«Олус көхтөөх мустуу түмүгэр саҥа билсиһиилэр, санаа үллэстиитэ, доҕордоһуу түһүлгэтэ буолла диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Биир саастаахтарбар баҕарыам этэ тулхадыйбат санааны, чэгиэн доруобуйаны. Өссө күүскэ түмсэммит олох суолун тэлиэҕиҥ, ыалдьар-туттар буолары отой умнан сылдьыаҕыҥ. Бу түмсүү сүнньүнэн өссө да эдэрдии эрчимнээх, олоххо дьулуурдаах эбиппит дии санаатым. Онон, кытаатыаҕыҥ, олох кэрэ түгэннэрин тутуспахтаан хаалыаҕыҥ!

Уонна бу кыра хоһоон оҕотун эһиэхэ барыгытыгар үтүөнү эрэ баҕаран туран бэлэх уунабын:

 

Былыт быыһа күн тыган,

Күөх халлааҥҥа мичилийдэ.

Бииргэ түмсэр үөрүүтүнэн,

Күлүм аллан сүрэх үөрдэ.

 

Биэс уон сылы киэр илгэн,

Кыһыл хаалтыс баанаммыт,

Барабаммыт ньиргийэн

Кыһыл былаах күөрэйдэ.

 

Пионерия сүүс сылынан

Чиэстээн илии күөрэйдэ.

Ааспыт кэми санаан ылан

Тиҥиргэччи сүрэх тэптэ.

 

Оҕо сааскэ эргиллэн

Хаамыы, сиимии тэтимирдэ.

Күлэн-үөрэн мичилиһэн,

Олус кэрэ түгэн үүннэ.

 

Биир көлүөнэ дьоно мустан,

Бары бииргэ буоламмыт,

Бэртээхэйдик сынньанаммыт,

Бэһиэлэйдээн биэрдибит.

 

Доҕордоһон, бодоруһан

Дьоллоох түгэн тосхойон,

Илиилэртэн сиэттиһэн,

Иллээх ырыа ылланна.

 

Күн эргиирин батыһан,

Киэҥ хонууга хаамсаммыт,

Ойор күнү уруйдаан,

Оһуохайдаан дайдыбыт.

 

Олох уһун аартыгар

Өссө күүскэ дьулуһан

Өрүү бииргэ буоларга,

Омоон ууран тарҕастыбыт.

 

Дьоллоох олох аартыгын,

Аны бииргэ дабайар

Доҕоттордоох буоламмыт

Алгыспытын анаатыбыт.

Дьоллоох буолуҥ, доҕоттоор! Ил-Эйэ эҥэрдэстин!», — диэн Венера Васильевна баҕа санаатын тириэртэ.

 

Сардаана Копырина