Эбээн-Бытантай улууһугар оттооһун үгэнэ. Ходуһа аайы хотуур тыаһа ньиргийэр, кыраабыллар үөһээ-аллараа түһүү. Эбиитин ардаабакка күн-дьыл туран биэрэн тиэхиньикэ көмөтүнэн дьон илии үлэтин чэпчэтинэр.
«Бүгүҥҥү күн туругунан улуус үрдүнэн от былаана 22% туолла”, — диэн тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Лена Бочкарева сырдатта.

“Улуус үрдүнэн от былаана 1308 туонна, ол онтон 300 т. оттонно. Бүгүҥҥү күн көрдөрүүтүнэн Аллараа-Бытантай нэһилиэгэ от былаанын 50%, Үөһээ Бытантай – 27%, Түгэһиир – 20% толордо.

Атырдьах ыйа биһиэхэ от үлэтигэр саамай элбэҕи быһаарыаҕа. Оттуу сылдьар дьон от үүнүүтүн куһаҕана суох дииллэр, арай өртөөһүн бобуулаах буолан оппут хаачыстыбата соччото суох. Күн-дьыл туран биэрдэҕинэ бу ый устата дьон кыстыыр отун оттонуо диэн эрэнэбит,” – диэн Лена Дмитриевна сырдатта.

Сардаана Копырина

Читайте дальше