Бу күннэргэ Түгэһиир нэһилиэгин аҕаларын түмсүүлэрэ аҕам саастаах дьоммутун уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин сааскы куһунан күндүлээтилэр.
Бу туһунан түмсүү салайааччыта Виктор Горохов сырдатта:
«Аҕалар түмсүүлэригэр былырыыҥҥы курдук 80 сааһыттан үөһээ ытык-мааны дьоммутун уонна анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун-хоодуот уолаттарбыт дьиэ кэргэттэрин умнумуоххайыҥ, кус мунньуохха диэн буолбута. Ол курдук, 10 аҕа ыҥырыыга утары кэлэннэр, кус бөҕө биэрэн, 60-тан тахсаны түҥэттибит. Кыра да буоллар, кус бултаан биэрэр дьоно суохтарга үөрүү буоллаҕа дии. Эбии бэйэм көрүүбүнэн, эмиэ арыый эдэр буолан хаалбыт, ол эрэн саастаах дьоннор диэн эбии түҥэттим, 3 күн кэрийэн бүтэрдим. Сорохтор суох буолан хаалаллар этэ. Эһээлэрбит, эбээлэрбит махтал тыл этэллэрэ, өссө да бултуйа сылдьыҥ диэн алҕыыллара истэргэ олус үчүгэй.
Уонна онтон бу сыана ыарахан кэмигэр ыҥырыыга кэлбит аҕаларбар махтал! Ботуруон сыаната да ыарахан. Кус аҕыйах диэбэккэ бэрсэннэр бар дьоннорун үөртүлэр. Кинилэргэ эмиэ өрүү Байанай оҕонньор көрөн өрүү өттүк харалаан, хонуктарын хоргуннаан, сырыыларын сыалаан бэрсэ турдун!»
Сардаана Копырина