Баһаары уонна террору утары Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэтии буолла

Бу күн Саккырыыр орто оскуолатыгар полиция, баһаарынай чаас, балыыһа үлэһиттэрэ уо.д.а. туһааннаах тэрилтэлэр оҕолор олохторун быһыыр кыахтаах олус наадалаах иһитиннэриилэри кэпсээтилэр, бастакы көмөнү хайдах оҥорорго үөрэттилэр. Үөрэнээччилэр интэриэһиргиир ыйытыктарыгар хоруйдаатылар.

Бэнидиэльник күн оскуолаҕа баһаары уонна террору утары туох миэрэлэр көрүллэллэрин үөрэтэ кэлбиттэрэ. Маннык кэлэн кэпсииллэрэ, көрдөрөллөрө олус үчүгэй, арай маннык быһылааҥҥа түбэстэхпитинэ бу үөрэтиилэрэ туһалыаҕа дии саныыбын. Мин бу үөрэтииттэн интэриэһиргээбитим диэн ыксаллаах түгэҥҥэ дьон айманан бэйэ-бэйэлэрин оһоллуур, эчэтэр түгэннэригэр бастакы медицинскай көмөнү хайдах оҥорорго үөрэппиттэрин сэҥээрдим,”— диэн Константин Ушницкий, 8 кылаас үөрэнээччитэ санаатын үллэстэр.