Баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэнэр

Эбээн Бытантай улууһугар баһаартан сэрэхтээх буолууга сэрэтии уонна баһаары туоратыыга үлэ былаанын, ирдэнэр миэрэлэри быһаарар мунньах буолан ааста.

Ол эбэтэр, улууска ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ, туоратыыга уонна баһаартан куттал суоһаабатын хааччыйыыга хамыыһыйа, манна киирэллэр бэрэссэдээтэл — улуус баһылыга Иннокентий Стручков уонна улуус тэрилтэлэрин салайааччылара.

Мунньах сүнньүнэн салайааччылар баһаар тахсыбатын бохсор миэрэлэри ылалларын, дьоҥҥо хайдах сэрэтии, үөрэтии ыыталларын туһунан быһаарыстылар. Сүрүннээн ходуһа өртөөһүнүн тула ирдэбиллэри, маны тэҥэ, сокуон быһаарыытынан туох, хайдах ыстырааптар, миэрэлэр көрүллэллэрин ырыттылар.

Хамыыһыйа быһаарыытынандиэн боротокуолга киирбит ыйаахтарга бары сөбүлэҥнэрин биэрэн тарҕастылар.

Тыаҕа сылдьааччылар, хас биирдии киҺи баҺаартан сэрэхтээх буолуу миэрэлэрин булгуччу тутуҺаргытыгар!

Уоту ыытар түгэҥҥитигэр туох миэрэҕэ тардылларгытын, сокуон ирдииринэн хайдах ыстырааптар баалларын туһунан, сиһилии СӨ ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин Эбээн-Бытантай оройуонун хонтуруоллуур уонна сэрэтии үлэтин ыытар салаа инспиэктэрэ Арина Бысыина кэпсиир:

СӨ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Бирикээһигэр олоҕуран оттуур сиргэ баһаары таһаарбат сыалтан ыам ыйын ортотуттан саҕалаан рейдалар ыытыллыахтара. Эбээн Бытантайдааҕы Ис дьыала пууна уонна нэһилиэк дьаһалтата, эбии атын састаабы кытта рейдалар буолуохтара.

Нэһилиэк таһынааҕы ойуурдарга, уу арыытыгар, дьон мустан сынньанар, бултуур, балыктыыр сирдэригэр, хонтуруоллуур рейдэлэри ыытыахтара. Рейдэ сүрүн сыала – ойуурга уонна оттуур сирдэргэ баһаары ыыппат курдук, дьон сэрэхтээхтик дьаһанан сылдьарын ситиһии, көрүү-истии буолар.

Ойуурга уонна оттуур сиргэ кутаа уоту уматар уонна

өртөөһүн бобуулаах. Ирдэбилгэ олоҕуран шашлык чоххо буһарыллыахтаах, маһынан уматар көҥүллэммэт. Сынньана тахсыбыт дьон мангал тула кыра оҥхой хаһаллара уонна сэрэххэ уоту умуруорарга уулаах буолаллара булгуччу ирдэнэр.

Сокуону кэһии КоАП 20.4 ыстатыйатыгар олоҕуран 5 тыһ.солк. саҕалаан 400 000 солк. диэри кээмэйдээх. Саха сиригэр сэрэхтээх буолуу кэмэ биллэриллиннэҕинэ ыстыраап икки төгүл үрдүүр, ыстыраап кээмэйэ 800 тыһ.солк. диэри улаатар. КоАП 8.32 ыст. — 15 тыһ.солк. саҕалаан 2 мөл.солк. ыстыраап кээмэйэ тиийэр, ону таһынан 261 Холуобунай Кодекскыгар тыаҕа оҥоһуллубут хоромньу улахан буоллаҕына 3 мөл.солк. диэри ыстыраап көрүллэр уонна 10 сылга диэри хаайыы миэрэтигэр тардыллыахха сөп.

Баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэһиимин быраабылатын

кэһии иһин административнай ыстыраап түһэриллэр:

  • Чааһынай киһиэхэ — сэрэтии, эбэтэр 5 тыһ.- 15тыһ. солкуобай;
  • Дуоһунастаах киһиэхэ – 20 тыһ.- 30тыс. солкуобай;
  • Тэрилтэҕэ — 300 тыһ. 400 тыһ. солк.;

Онтон ураты баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэһиим биллэриллиннэҕинэ, баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэһиимин быраабылатын кэһии иһин административнай ыстыраап түһэриллэр:

  • Чааһынай киһиэхэ — 10тыһ. — 20тыһ. солкуобай;
  • Дуоһунастаах киһиэхэ — 30тыһ.- 60тыһ. солк.;
  • Тэрилтэҕэ — 400 тыһ. — 800 тыһ.солк.»

Билигин хаар ууллан сир хараарар кэмигэр, уоту туттар кутталлаах сэрэхтээх! Ыстыраап кээмэйэ обургу, миэрэ кытаанах.  Онон айылҕабытын харыстыахха, ирдэбили тутуһуохха!

 

Марианна СЛЕПЦОВА

Читайте дальше