“Бу күннэргэ миэхэ баһаары сэрэтэр АДПИ (автономный дымовой пожарный извещатель) диэн тэрили туруордулар. Киһи ас астана да сылдьан, алҕас уот түһэрэн баран көрбөккө хаалар түгэнигэр буруо сытын ылаат тутатына бэрт улаханнык тыас таһааран биллэрэрэ олус наадалаах тэрил эбит!” Бу курдук улууспут олохтоохторо баһаары эрдэттэн сэрэтэр автономнай сигнализацияны олус хайҕыыллар.
Биһиги улууспутугар баһаары сэрэтэр үлэ тиһиктээхтик ыытыллар. Сиһилии Эбээн Бытантайдааҕы баһаарынай чаас инструктора Виктор Ефимов сырдатта.
- Биһиги улууспутугар АДПИ туруоруутун 2017 сыллаахтан саҕалаабыппыт. Бастаан баһаарынай чааска кэлбитигэр Кустуур, Дьарҕаалаах нэһилиэктэригэр эмиэ ыыталаан туруортаабыппыт. Сүрүннээн соҕотох олорор дьоҥҥо, элбэх оҕолоохторго, кыаммат, кыаллыбат ыалларга босхо туруоран биэрбиппит. Кэнники сылларга манан нэһилиэк дьаһалтата дьарыктанар.
Билиҥҥи туругунан Дьарҕаалаах нэһилиэгэ 100 быраһыан дьиэлэригэр барытыгар туруордулар, Кустуур нэһилиэгэ хабыллыыта аҕыйах, инникитин баһылыктарыгар дьиэлэригэр барытыгар киллэрэргэ үлэ ыытын диэн этии киллэриэхпит. Түгэһиир нэһилиэгэр элбэх оҕолоохторго, соҕотох олорор кырдьаҕастарга, кыаллыбат ыал дьиэлэригэр барыларыгар турда, маны таһынан бу туһунан истибит дьоннор бэйэлэрэ ылынан туруоруммуттар, нэһилэк дьаһалтатын кытта кэпсэппиппэр сыаллара-соруктара диэн нэһилиэнньэҕэ барыларыгар туруорар гына үлэ ыыта сылдьаллар.
Бу туһунан интэриэһиргиир, туруорунуоххутун баҕарар буоллаххытына баһаарынай чааска эрийэн, эбэтэр тус бэйэбэр эрийэн ыйыталаһыаххытын сөп, сүбэлээн-амалаан биэрэбин, кыайан туруоруммат дьоҥҥо тиийэн холбоон биэрэбин.
Мин үлэм ирдэбилэ сүрүнэ диэн сэрэтии үлэтэ буолар, дьоҥҥо-сэргэҕэ дьиэлэринэн, тэрилтэлэринэн кэрийэ сылдьан баһаар буолбатын туһугар уонна ыксаллаах түгэн үөскээтэҕинэ хайдах, туох миэрэлэри ылыахтаахтарын туһунан кэпсиибин, үөрэтэбин.
Олох-дьаһах уларыйан аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттэһэр тиэхиникэлэр кэлэн эрэллэр, олортон биирдэстэрэ буолар АДПИ (автономный дымовой пожарный извещатель) диэн буруону билэн дьиэҕэ баар дьоҥҥо тыас таһааран биллэрэр тэрил. Бу уоттан, розеткаттан холбоммот буолан автономнай диэн ааттанар, кини анал “крона” диэн батареянан үлэлиир, биһиги улууспут маҕаһыыннарыгар атыыланаллар. Батареята бүттэҕинэ сотору-сотору тыаһыыр буолар, онон билэн уларытаҕыт, үчүгэй батареялар сыл курдук тураллар.
АДПИ бэйэтэ улахан көрүүнү-харайыыны ирдээбэт, сылга биирдэ, иккитэ быылын ыраастаан, сотон биэрдигит да сөп буолар.
Маннык тэрил биһиги улууспутугар атыыга суох, онон сибээстээн маҕаһыыннаах урбаанньыттарга туһаайан этиэм этэ, дьоҥҥут-сэргэҕит туһугар атыылыыргыт буоллар олус үчүгэй буолуо этэ. Куоракка «01”, “Пожарная безопасность” диэн анал маҕаһыыннарга атыыланар, боростуой 600 солк. саҕаланар, телефоҥҥа симкалаахтар эмиэ бааллар, олор сыаналара ыарахан соҕус эрээри, дьиэҕэр да суох буоллаххына телефоҥҥар сигнал биэрэн сэрэтэр.
Марианна Слепцова