«Аянеса» образцовай  этно-фольклорнай ансаамбыл I норуоттар икки ардыларынааҕы «Саас» фестивал-күрэххэ бастакы истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын сүктэ

Сандал саас оҕо-аймах, дьон-сэргэ айанныыр, күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ кыттыыны ылара үгэннээн турар кэмэ. Ол курдук, биһиги киэн туттар, биир тутаах көрдөрүүлээх «Аянеса» этно-фольклорнай ансаамбылбыт улахан уонна орто бөлөхтөрө өрөспүбүлүкэбит тэбэр сүрэҕэр — Дьокуускай куоракка хас да тэрээһиҥҥэ кытыннылар. Оҕолору ансаамбыл салайааччыта Татьяна Чичигинарова уонна хореограф Наталья Степанова арыаллаатылар. Бастакы улахан тэрээһиннэрэ анал ыҥырыынан А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэлэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арктика күнүн бэлиэтиир — «Сияние звезд Арктики» улахан кэнсиэри арыйар чиэс буолла. Маны тэҥэ, бу күн чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһиннэртэн биирдэстэригэр аарктыка оройуоннарын уран тарбахтаахтарын айар үлэлэрин быыстапкаларыгар сырыттылар. Салҕыы талааннаах оҕолорбут саамай эппиэтинэстээх, тыҥааһыннаах күннэрэ үүннэ.

Бу туһунан салайааччы Татьяна Чичигинарова сырдатар: «Этэҥҥэ хас да тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылан кэллибит. Бу састаап — оҕолорбут бастакы сырыылара буолан, улахан сыанаҕа аан бастакыларын таҕыстылар. Манна, кыра сыанаҕа үөрэммит буолан кыратык мунаахсыйан ыллылар, ол эрээри хата тэрийээччилэр утары баран, хас да төгүл бэлэмнэнэн, үрдүк таһымҥа кыттыыны ыллыбыт. Бу күн, дьэ, кырдьык тыҥааһыннаах буолбута. Манна оҕолор икки улахан тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар. Бастатан туран, Оҕо саас дыбарыаһыгар норуоттар икки ардыларынааҕы I «Саас» бэстибээл-күрэххэ тиийбиппит. «Эвинек» ырыалаах үҥкүү композициятын көрдөрдүбүт. Нүөмэрбит дьиҥ этничэскэй буолан, дьүүллүүр сүбэ да, кыттааччылар даҕаны сөҕө-махтайа көрдүлэр. Кэнники кэмҥэ кырдьык,  үксэ муусука (фонограмма) доҕуһуоллаах буолбуттар эбит. Аны сарыы таҥаспытын эмиэ сэргээн, тутан-хабан, наһаа да үчүгэй эбит диэн, батыһа сылдьан сэҥээрдилэр. Манна үҥкүүлүү охсон баран, норуоттар доҕордоһууларын Дьиэлэригэр айаннаатыбыт. Дьэ онно, «В единстве народов — сила России» — девизтээх VII өрөспүүбүлүкэтээҕи «Калейдоскоп культур — 2024» бэстибээлгэ үҥкүлээтилэр. Манна Саха сиригэр олорор норуоттар ырыаларын-үҥкүүлэрин, эпическэй, обрядовай фольклордарын тутан олорор, пропагандалыыр толорооччулар, кэлэктииптэр түмсүбүттэр. Биһиги «Нимат» эбээн норуотун үгэһин композициятын туруордубут, көрөөччү биһирэбилин ылан астынныбыт. Манна тэрийээччилэр тутатына, Гала-кэнсиэргэ хайаан да тахсаҕыт диэтилэр. Бу кэнсиэр 24 чыыһылаҕа буолуохтааҕа. Бары билэрбит курдук, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москубааҕа улахан алдьархай буолан, траур биллэриллэн көһөрбүттэрэ. Түмүк муус устар ыйга биллэр. Ити курдук, I норуоттар икки ардыларынааҕы «Саас» бэстибээл-күрэххэ бастакы истиэпэннээх Лауреат буолбуппутун киэһэ билэммит олус үөрбүппүт. Китай Удалянчи куоратыгар ыам ыйыгар буолаары турар II норуоттар икки ардыларынааҕы «Удалянчи» бэстибээлгэ ыҥырыы сурук туттубут. Улахан дэлэгэссийэннэн кэлэ сылдьарбытын истэн, Саха сирин эстрадатын артыыһа Саина клибыгар уһуллуоххут дуо диэн, ону тэҥэ «Полярная звезда» күрэххэ, хомус быыстапкатын арыллыытыгар кыттыыны ыларга ыҥырбыттара, кэккэ биричиинэлэринэн ол кыаллыбата. Манна даҕатан эттэххэ, наһаа үчүгэйдик сылдьан кэллибит. Уопсайынан элбэх оҕону илдьэ сылдьар биллэн турар улахан эппиэтинэс. Ол эрэн,  оҕоҕо маннык сырыылар олус туһалаахтар,  көрүүтэ-билиитэ кэҥиир, улахан сыананы көрөр, билсэр-көрсөр, сайдар. Ол иһин, биһиги кыах көстөрүнэн ансаамбылбытын итинник таһаара, илдьэ сатыыбыт. Бу сырыыбытыгар бары бииргэ түһэр сирбит суоҕа уустуктары үөскэттэ. Оҕолор түспүт аймахтара улахан күүс-көмө буоланнар, үлэ-хамнас, үөрэх быыһыгар кинилэри бэлэмнэниигэ, кэнсиэргэ илдьэ сырыттылар. Түгэнинэн туһанан, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатыгар Пётр Потаповка, Түгэһиир нэһилиэгин аҕа баһылыгар Сергей Аликовка уонна улуустааҕы Оҕо саас киинин дириэктэригэр Анастасия Архиповаҕа айаммыт төлөбүрүгэр көмөлөрүн иһин махталбын тиэрдэбин. Аан бастакыларын улахан сыанаҕа тахсан улахан ситиһиилэнэн кэлбит оҕолорбутугар итии-истиҥ эҕэрдэ!

«Түгэһиир саһарҕалара» пресс-киин, Илана Колесова