Дьааҥы оройуонун, Арыылаах нэһилиэгэр анал байыаннай дьайыыга дьоруойдуу быһыыга олоҕун толук уурбут, күтүөт уолбут Егор Стручков сырдык кэриэһигэр волейбол күрэҕэ буолан ааста.
Манна уопсайа 26 хамаанда, 208 күрэхтэһээччи Арыылаах спортивнай саалатыгар тоҕуоруһа түстүлэр.
Эбээн Бытантай улууһуттан 5 массыынаннан икки эр дьон, биир кэрэ аҥардар хамаандалара буолан барбыппыт. Суолбутугар этэҥҥэ, моһоло суох, бэрт түргэнник айаннаан тиийбиппит, онно уопуттаах суопардарбытыгар махтанабыт.
Тиийиэхтээх сирбитин булан, аймахтардаахтар дьонноругар түспүттэрэ, сорох уолаттарбытыгар иччитэх турар дьиэни бэлэмнээн биэрбиттэрэ. Арыылаах олохтоохторо бары да амарах санаалаах, ыалдьытымсах дьон эбит, биһиги түспүт ыалбытыгар өссө элгэстэр бааллара, уопсайа 6 буолан сыппыппыт. Итиччэ элбэх киһиэхэ, хара сарсыардаттан эбээбит Екатерина Копаркова сарсыардааҥы аспытын, эбиэппитин, киэһээҥҥи аһылыкпытын барытын астаан, « быыс булан кэлэн, аһаан бараарыҥ оҕолоор”- диэн атаартыыр сымнаҕас, үтүө санаалаах киһиэхэ түһэн, хоноһолоон ааспыппыт, киниэхэ муҥура суох махталбытын тиэрдэбит.
Дьааҥы нэһилиэктэрэ элбэх буолан сотору-сотору, бэйэ-бэйэлэрин кытта күрэхтэһэр буоланнар, тирии мээчиги таах күөрэтэ сылдьар дьон таһымнара олох үрдүк, кэрэ аҥардар эр дьонтон хаалсыбакка оонньууллар эбит, дьарыктаахтара, биир хамаанданан оонньуу үөрэммиттэрэ тута харахха быраҕыллар. Оннук дьону кытта син, туох кыах, таһым тиийэринэн күөн көрсө сатаатыбыт, инник күүстээх хамаандалары кытта тэҥ-тэҥҥэ оонньообуппутуттан астынан, хотторуу хомолтотун да билбэккэ хааллыбыт, ол оннугар бэртээхэй уопут ыллахпыт диэн, хата үөрдүбүт.
Үс күннээх волейбол күрэҕин түмүгэ (дьахталлар):
1 миэстэ-Баатаҕай;
2 миэстэ-Верхоянск;
3 миэстэ- Боруулаах.
Эр дьон:
1 миэстэ – Адыаччы;
2 миэстэ-Баатаҕай;
3 миэстэ-Верхоянск.
Кыайыылаахтарга мэтээл, грамота, статуэткалар туттарылыннылар. Маны тэҥэ, биирдиилээн анал ааттар олохтоннулар, Эбээн Бытантай кыргыттарын хамаандатыгар үчүгэй оонньууну көрдөрбүттэрин иһин — 10 тыһ.солк сууммалаах сэртипикээт туттардылар, ону уопсай быһаарыыннан быстах хомуурга сылдьар уолаттарга көмө оҥорорго биэрдибит. Егор бастакы учуутала, бииргэ үөрэммит оҕолоро, үлэлээбит ОДьКХ тэрилтэтэ уонна Эбээн Бытантай улууһун аатыттан анал бириистэри туруорбуттара.
Улууспут баһылыга Иннокентий Стручков Арыылаах нэһилиэгин дьаһалтатыгар норуот маастара Ньургуйаана Колесова, Саха сирин улууһун гербэлэрин панно оҥоһугун бэлэх оҥордо.
Тэрээһин туһунан Егор кэргэнэ Светлана санаатын үллэстэр:
— “ Мин санаабар үрдүк таһымнаах күрэхтэһии буолан ааста. Бастакы күҥҥэ дьахталлар оонньуулара түүн 3 чааска диэри буолбута, 2 күн эр дьон түүн 11 чааска диэри оонньоотулар, 3 күн наҕараадалааһын,түмүк сарсыарда 5 чааска диэри буолла. Биһиг улууспут миэстэлэспэтэ да буоллар, инник улахан тэрээһиҥҥэ бастакы холонуулара буоллаҕа дии саныыбын, ол да буоллар санаабытын түһэрбэппит өссө иннибитигэр турдаҕа. Улуус баһылыгар Стручков Иннокентий Николаевичка бу биэс массыынаны булан, уматыгын хааччыйан, тэрийэн ыыппытыгар барҕа махталбын тиэрдэбин. Арыылаах нэһилиэгин баһылыгар Бойко Руслан Николаевичка, Дьулустан Старостиҥҥа, бары олохтоохторго 30 киһини түһэрэн, сылаас аһынан көрсүбүт, атаарбыт ыалдьытымсах дьоммутугар улахан махтал тылларбын этэбин.»
Марианна СЛЕПЦОВА