Ааттыын Эбээн Бытантай улууһугар олорор дьон, эбээн омугун төрүт култууратын, сиэрин-туомун, тылын-өһүн билэрбит наадалаах суол. Ол да буоллар, кистээбэккэ эттэххэ, төрөөбүт тылын билэр киһи диэн, биһиги улууспутугар суохтарын кэриэтэ. Кэнники кэмҥэ эбээн норуотун төрүт фольклоругар, тылыгар-өһүгэр улахан болҕомто ууруллара бэлиэтэнэр, холобура, араас киинэлэри усталлара, ырыаҕа хоһуйаллара, үөрэтэр-чинчийэр идэлээхтэр кэлэн бараллара элбээтэ. Онтон да төрүөтүрэн буолуо, бэйэтин норуотун тылын, сиэрин-туомун, фольклорун үчүгэйдик билиэн, үөрэтиэн баҕарар киһи элбээбитэ биллэ көстөр.
Бу күннэргэ биһиги улууспутугар Артем Николаевич Корякин, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин сүрүннүүр исписэлииһэ, Аркадий Анатольевич Ефремов эдэр исписэлиис кэлэннэр, төрүт фольклорбутун үөрэтии таһыма хайдаҕын видеоҕа устан, култуурабыт үлэтэ хайдах барарын билэн-көрөн бардылар.
Туох үлэни ыыппытарын туһунан сиһилии билээри Артем Корякины кытта кэпсэттибит.
— Биһиги АФ култуура министиэристибэтин сорудаҕынан кэлэн үлэлии сылдьабыт. Аҕыйах ахсааннаах омуктар култуураларын, фольклорун үөрэтии, үйэтитии диэн сыаллаах. Биир экспедиция Аллайыаха улууһун Чокурдаах нэһилиэгэр баран үлэлээн кэлбиттэрэ, онтон биһиги Саха сиригэр 5 аҕыйах ахсааннах омук баарыттан, эбээн норуотун таламмыт, Эбээн Бытантай улууһугар кэлэн үлэлээтибит.
Сүрүн сыалбыт-сорукпут ньыымкаан көрдөөһүнэ этэ, ньыымкаан диэн эбээннии олоҥхо буолар.
Кэлбит күммүтүгэр тутатына ЭКК “Гарпан” үлэһиттэрин кытта кылгас сүбэ мунньах ыыппыппыт, үлэлэрин хайысхата хайдах барарын, ханна хаалыылаахтарын, ситиһиилээхтэрин чинчийэн көрдүбүт. Ол кэннэ, улуустааҕы Оҕо киинигэр сылдьан Ньургуйаана Колесова “Һэрэчэ” куруһуок оҥоһуктарын кытта билистибит-сэргээтибит, кини сүүрдээх күүстээхтик эбээн култууратын үйэтитэн үлэлии олорор, Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр маастар буолар уонна Мир Слепцов диэн оҕолору уруһуйга үөрэтэр педагог уруһуйдарын уһуллубут, ону таһынан бэйэлэрин кытта сµрдээх үчүгэйдик кэпсэттибит. Киэһээҥҥи өттүгэр фольклор нүөмэрдэри — Наталья Кривошапкина “Гэнулчал” диэн ансаамбыла ыраастаныы сиэрин-туомун көрдөрдүлэр уонна һээдьэлээтилэр, маны таһынан Дьарҕаалаахтан сылдьар Николай Иванов ырыатын уһуллубут. Бастакы күммүтүгэр инник үлэлээтибит.
Иккис күммүтүн оскуолаттан саҕалаабыппыт, манна эбээн тылын аһаҕас уруогун уһуллубут, хайдах үөрэтэллэрин, оҕолор таһымнара хайдаҕын Надежда Родионова эбээннии саҥарарын сэҥээрэ иһиттибит. Бу кэннэ “Хаарчаана” уһуйааҥҥа улахан бөлөхтөргө сылдьан, үлэлэрин көрөммүт сүрдээхтик сэргээтибит. Лидия Слепцова оҕолору кыра эрдэхтэриттэн хайдах төрүт култуураларыгар, үҥкүүлэригэр үөрэтэрин көрдөрдө, Майя Кривошапкина эмиэ олус үчүгэйдик оҕолорго төрүт тылларын, сиэрдэрин, үгэстэрин үөрэтэрин уһуллубут. Үүнэн эрэр эдэр ыччакка сүрдээх күүстээх үлэ бара турар эбит, билэргит курдук манна эбээн тыла сүтэн эрэр, төрүт тылларынан саҥарар киһи олох аҕыйах хаалбыт буолуохтаах, онон маннык сыаллаах-соруктаах үлэ барара олус үчүгэй диэн сэргээтибит.
ЭКК “Гарпан” дьиэтигэр быыстапка тэрийэн көрдөрдүлэр, манна араас үлэ барыта баар эбит, тус бэйэм чуолаан биир маастар үлэтин сэргээн көрдүм, кини билигин даҕаны былыргы төрүттэрин иистэрин тута сылдьар эбит, саҕынньаҕы эҥин иҥииринэн тигэр эбит, ол хайҕаллаах дьыала.
«Үпэндьэл” ансаамбылы кытта көрүстүбүт, эбээлэр ыллаан-туойан, ону таһынан тыһы таҥастааһыны көрдөрдүлэр, хайдах илитэн, куочайдаан имитэллэрин. Эбээлэр маладьыастар таҥастара-саптара да үчүгэй, төрүт култуураны олох тута сылдьаллар, хомойуох иһин тылбытын билбэппит дииллэр, ол да буоллар ырыалара- хоһоонноро эбээннии буолара үчүгэй.
Улуус тµмэлигэр сырыттыбыт, үчүгэй туруктаах диир кыах суох бу өттүгэр, дьиэтэ-уота мөлтөх, бу биллэн турар, үлэһит буруйа буолбатах, уопсай балаһыанньа быһыытынан. Ол да буоллар, син киһи көрүөх-сэргиэх матырыйааллара бааллар, мин бу тµмэлгэ иккис сырыым, онон билэбин хайдах туруктааҕын. Ирина Слепцова үлэлии сатыыра көстөр, экспонаттарын уларытан, биһиги кэлэрбитигэр анаан эбээннии оҥоһуктарын, иһиттэрин-хомуостарын, таҥастарын таһааран туруорбут, бэлэмнээбит.
Кустуурга сырыттыбыт. Хотоҥҥо сырыттыбыт, саха ынаҕа хайдах кыһыннары таһырдьа сылдьалларын, уулуулларын уһуллубут. Маны таһынан тыа хаһаайыстыбатын учуонайа интервью биэрдэ, саха ынаҕын үүтэ хойуутун, сыалааҕын туһунан.
ЭКК “Маранга” сылдьан уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан, саастаахтарга диэри ырыаларын, хоһооннорун уһуллубут. Ол сылдьаммыт, хата биир Ньыымкаан этэр киһини булан ыллыбыт, бэйэтэ кэлэн мин сатыыбын диэн үөртэ. Мария Степанова диэн, Кустуур орто оскуолатыгар эбээн тылын учуутала эбит, бэйэтэ Сэбээн Күөлтэн төрүттээх, кини кэлэн кылгастык ньыымкаантан быһа тардан этэн көрдөрдө уонна толору уһуллуута баар, ону ыытыам диэн эрэннэрдэ. Маннык ньыымкааны этэр киһи кырдьаҕастар бааллар, эдэр дьонтон Максим Дуткин Аллайыахаҕа баар уонна бу Мария Степанова эрэ бааллар. Онон, Кустуурга баран Ньыымкаан этэр киһини булан, үөрэн-көтөн кэллибит.
Бу үлэбит монтажтанан баран В.Д. Поленов аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай норуот Айымньытын дьиэтигэр барар. Биһиги тэрилтэбит баһа манна баар, Москубаҕа ол пуондатыгар үчүгэйдэрин талан ыытабыт, онтон өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот Айымньытын дьиэтигэр хомуйбут матырыйааллары барытын онно ууран хаалларабыт.
Бу үлэбит сыала-соруга диэн, аҕыйах ахсааннах норуоттар култуураларын судаарыстыбаннай пуондаҕа түмэн киллэрээһин буолар.
Уопсай түмүгүнэн этэр буоллахха, Эбээн Бытантай улууһа куһаҕана суох үлэлии олорор, биһиги 491 кулуубу курируйдуубут отчуоттарын тутабыт, үлэлэрин анаалыстыыбыт. Онтон көрөн эттэххэ, маннааҕы култуура салалтата былаанын барытын толорон олорор, Степан Степанович киириэҕиттэн эбээн култууратын сайыннарыы үлэтигэр күүскэ хамсааһын барда, диэн көрө сылдьабыт. Таҥас-сап өттүнэн олус үчүгэй диэн хайҕыы көрдүм, төрүт таҥастарбытынан, култуурабытынан эрэ тыыннаах хаалар тустаахпыт, тылбыт сүтэр туруктааҕа биллэр дьыала.
Кэлбит сыалбытын толорон, үлэбит хаамыытынан астынныбыт, барытын ситистибит диэн. Оройуон баһылыгар Иннокентий Николаевичка, култуура салаатын салайааччытыгар Степан Степановичка бу экспедицияны көрсөн, тэрийэн дириҥ ис хоһоонноохтук сырытыннарбыттарыгар, өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот Айымньытын дьиэтин аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит.
Кэпсэттэ Марианна СЛЕПЦОВА