«Арктика оҕолорун Оонньуулара” VI өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх Саха сирин чулууларыттан чулууларын муста
Бу оонньууларга барыта 6 хоту улуустан 42 эдэр спорстменнар күөн көрүстүлэр. Күрэх икки күн устата «Бэс чагда» оҕо сынньанар – чэбдигирэр кииҥҥэ буолла.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэригэр биһиги улууспут хамаандата үһүс бочуоттаах миэстэни ситиһэннэр үөрүү – көтүү аргыстаннылар. “ Хамаанданан түмүккэ биһиги 3 миэстэ буоллубут, куһаҕана суох көрдөрүүлэннибит. 1 миэстэ – Өлөөн, 2-с – Эдьигээн хамаандалара таҕыстылар. Аркан быраҕыытыгар Таня Слепцовабыт II миэстэ буолла. Маны таһынан, Танябыт наарта ыстаныытыгар 183 – тэ ойон 2 миэстэ буолла, киниэхэ планшет уонна “умная колонка” бириис туттардылар. Нори көрүҥэр Вася Другин I миэстэни ситиһэн, тэлэбиисэр бириистэннэ. НIIIаарта ыстаныытыгар Гаврил Сыроватский III миэстэ буолла, кини 175 наартаны ойдо. Кэтит хайыһарынан сүүрүүгэ Лиана Сташкова, Данил Горохов 2 миэстэни ситистилэр. Лианаҕа «Орленок» лааҕырга босхо путевка биэрдилэр. Хабылык, хаамыска көрүҥнэргэ Эвелина Даниловабыт 1 миэстэни ылыаҕын ылла. Сити курдук, көрүҥҥэ барытыгар миэстэлэһэн биһиги уопсай түмүккэ 3 миэстэ буоллубут, «Приморское” МУП тэрилтэттэн 20000 тыһ.солк. сэртипикээт туттубут”, — диэн салайааччы Мария Афанасьева кэпсээтэ.
Оонньуулар сүрүн спонсордарынан «Бэс чагда” киин,норуот дьокутааттара Виталий Чикачев, Виктор Лебедев, Арктическай атыы -тэргиэн хампаанньата, СӨ Аҕыйахахсааннаах норуоттар Ассоциациялара, “Кочевник” ородобуой община (Эбээн Бытантай) уо.да.
Кэнчээрилэрбитигэр дьоөун ситиһиилэринэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибит! Инникитин да олох араас хайысхаларыгар ситиһии көтөллөнөн улускутун, төрөөбүт нэһилиэккитин ааттата туруҥ!
Яна РОЖИНА.