Көҥүл тустууга Европатааҕы чөмпүйэнээккэ Андрей Мидловец кыһыл көмүс мэтээли аҕалла диэн үөрүүлээх сонун куйаар ситимин устун тэлэһийэ көттө. Сир көхсө кыараҕас диэбиккэ дылы, Европа чөмпүйүөнүн үрдүк аатын сүкпүт уол ийэтэ Матрена Мидловец (Гаврильева) Эбээн-Бытантай улууһун Дьарҕаалаах нэһилиэгиттэн төрүттээх.
9 оҕолоох улахан дьиэ кэргэн ийэтэ Матрена Васильевна «Саха сирэ” хаһыат кэрэспэндьиэнигэр дьиэ кэргэнин туһунан бу курдук кэпсээбит:
— Кэргэним Павел Григорьевич Амма Чапчылҕанын төрүт олохтооҕо. Төрөппүттэрэ түөртээх уолларын илдьэ Днепропетровскай уобалас Оржоникидзе куоратыттан Аммаҕа тутууга үлэлии кэлбиттэр. Онон аҕабыт уу сахалыы иитиилээх. Мин 2003 сыллаахха Эбээн Бытантайтан аймахпар күүлэйдии кэлэн баран, дьылҕабын көрсөн, ыал буолбутум. Амманы иккис дойду оҥостон, олус сөбүлүүбүн. Андрейбыт үһүс кылаастан тустуунан дьарыктанар. Кинини тириэньэрдэр Илья Солдатов, Егор Скрябин тустуук оҕолору тала сылдьан бэлиэтии көрөн, олимпийскай резервэ училищетыгар ылбыттара. Уолбут өрүү сбордарга сылдьар, дьиэтигэр көстүбэт. Быйыл оҕобутун иккитэ эрэ көрдүбүт – Саҥа дьылга уонна ити кыайбыт чөмпүйэнээтигэр барыан иннинэ икки хонукка кэлэн барбыта. От ыйын 19-гар эмиэ эрчиллэ көтүөхтээх. От ыйын 20 күнүгэр 20 сааһын туолар. Онон үбүлүөйүн эмиэ сборга бэлиэтиэҕэ.
Кэргэмминээн уолбут тустар күнүгэр киэһэ хойукка диэри кэтэһэ сатаан баран, утуйан хаалбыт этибит. Түүн аҕабытын “уолгут кыайда!..” диэн уһугуннарбыттарыгар соһуйуу, үөрүү бөҕө буоллубут. Оҕолорбутугар убайдара кыайбытын сарсыарда эппиппит. Ол кэнниттэн уубут көтөн, сарсыарда 4 чаас диэки уоскуйдубут. Оҕолорбут успуорка сыстаҕастар. Быйыл 9 кылааһы бүтэрбит кыыспыт Диана чэпчэки атлетиканан дьарыктанар. Киин куораттарынан күрэхтэһэн, кыайыы көтөллөөх кэлэр. Хаһыардьыт, ядро быраҕар. 9-с кылааска үөрэнэр Гришабыт эмиэ тустуук.
Оҕолорбут дьиэҕэ-уокка туһа дьоно. Элбэх дьиэ кэргэн буолан, 4 ыанар ынахтаахпыт, 3 ньирэйдээхпит, хуруолук уонна куурусса ииттэбит. Оҕуруот аһа, хортуоппуй – бэйэбит киэнэ. Устудьуоннарбыт элбээн эрэллэр. Онон оҕолорбутун аһынан үөлүнэн бэйэбит хааччыйабыт.
Ити курдук, Европа эдэр ыччатын чөмпүйэнээтигэр Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар Саха сирин бөҕөстөрө Лев Павлов уонна Андрей Мидловец кыһыл көмүс мэтээллэри ситиһэн, бүтүн дойдуларын чиэһин дьоһуннук көмүскээтилэр.
Хоту сир оҕолоругар өбүгэлэриттэн бэриллибит күүс-уох, сылбырҕа, сымса буолуу хааннарыгар баар эбээт! Онон, Андрей Мидловец уонна Лев Павлов ситиспит өрөгөйдөрө саҥа тахсан эрэр тустуук уолаттарга, күннэтэ спортивнай саалга дьарыктанар кырачаан бөҕөстөрбүтүгэр чаҕылхай холобур буолан, кыайыыга-хотууга, энчирээбэт эрчимҥэ, күүстээх дьарыкка сирдиэҕэ.