Ыам ыйын 9 күнэ Арассыыйа бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн. Бу күн биһиги аан дойдуну фашизмтан босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын биллэрэбит. Аан дойду историятын хаамыытыгар сабыдыаллаабыт ыар сүтүктээх уонна өрөгөй үктэллээх Улуу Кыайыы суолтата хаһан да өлбөөдүйбэккэ, дьон-норуот өйүгэр-санаатыгар ытык өйдөбүл буолан барыбытын сомоҕолуур.
Биһиги өрүү иллээх-эйэлээх олоҕу эрэммиппит, ол эрэн Анал байыаннай дьайыы буола турара билигин да сорох дьон өйүгэр киирэ илик буолуохтаах. Ол да буоллар, билэрбит курдук Сахабыт сириттэн олус элбэх уолаттар Анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллан, Аҕа дойдубутун көмүскүү сылдьаллар.
Биһиги улууспутуттан Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт уоппускаларыгар кэлэ сылдьар кэмнэрин тутуһан кылгастык кэпсэтэн ыллыбыт.
К. Н.
— Мин 2022 сыллаахха ОДьКХ Саккырыырдааҕы филиалыгар үлэлии сылдьан, быстах хомуур буолбутугар хабыллан барбытым, анал байыаннай дьайыыга. Онтон бастакы уоппускабын 6 ый буолан баран ылбытым, онно 12 күн дойдубар кэлэн сынньана түһэн баран төттөрү барбытым. 1 сыл буолан баран иккис уоппуска биэрбиттэрэ, онно кэлэ сылдьан, доруобуйам туругунан эмискэ эпэрээссийэҕэ анааннар, устунан больничнайданан хааллым.
Хантараак баттаан барар уолаттарга туох да диэн этэрим суох, мин бэйэм санаам — Ийэ дойдубутун көмүскүөххэ наада, ол гынан баран кимиэхэ да онно барыҥ диэн сүбэлээбэппин, киһи бэйэтэ толкуйдаах, олоҕун хайдах олорорун бэйэтэ эрэ билэр буоллаҕа.
Анал байыаннай дьайыыга сылдьарым тухары күүс — көмө буолбут
улууһум дьаһалтатыгар, биир дойдулаахтарбар уонна эдьиийдэрбэр Лиҥкаҕа, Лияҕа улахан махталбын этиэм этэ.
Бэйэм санаабынан барыта тиийэр, наадалаах барыта баар курдук, онон эбии туох эрэ көмөнү эбэллэрэ буоллар диир кыаҕым суох. Судаарыстыба анаабыт көмөлөрүн барытын туһанабыт.
Түгэнинэн туһанан, Улуу Кыайыы күнүнэн барыгытын эҕэрдэлиибин!
Хос эбээлэрбитигэр, эһээлэрбитигэр улахан махтал, Аҕа дойду сэриитин кыайбыттарыгар, биһиги кинилэр сиэннэрэ буолан, бу буола турар анал байыаннай дьайыыны эмиэ этэҥҥэ түмүктүөхпүт, барытын тулуйан, кыайыы өрөгөйүн билэн дойдубутугар эргиллэн кэлиэхпит диэн, баҕа санаабын тиэрдэбин.
М. Г.
— 2022 сылга Дьокуускайга үлэлии сырыттахпына быстах хомуур саҕаламмыта, онно ыҥырыллан барбытым. Билигин иккис кэлиим буолар уоппускаҕа, бастакым былырыын күһүн этэ, суолбутун кытта барытын аахтахха 16 хонук биэрэллэр дойдугар баран кэлэргэр диэн.
Айыыларым көмөлөрүнэн билиҥҥи туругунан эчэйиим суох.
Анал байыаннай дьайыыга бэйэлэрэ баттаан барбыт, бараары сылдьар уолаттарга туох да диир кыаҕым суох, хас биирди киһи олоҕун бэйэтэ быһаарар. Туох кыалларынан сэрэнэн, тулуурдаахтык сырыттыннар. Биллэн турар чэпчэкитэ суох дойду онно…
Көмө өттүнэн этэр буоллахха, ыыттахтарына ону туһанабыт, билиҥҥи туругунан улахан эбии наада суох курдук, эдьиийдэрбит Лия, Акулина баар буоланнар сакаастаатыбыт эрэ, барытын тутатына ыыталлар.
Улуу Кыайыы 79-с сылын көрсөр үөрүүлээх күнүнэн улууспут кырдьаҕастарын, Эбээлэри,Эһээлэри ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
И. С.
— Дьокуускайга ООО “Вангуард” диэн, чааһынай тэрилтэҕэ үлэлии сылдьан быстах хомуурга хабыллан, 2022 сылга анал байыаннай дьайыыга тиийбитим.
Билигин дойдубар уоппускаҕа кэлэ сылдьабын, бу иккис уоппускам буолар, бастакыбын былырыын күһүн биэрбиттэрэ.
Кэнники элбэх уол бэйэлэрин баҕаларынан хантараак баттаан бараллар, оннук тиийиэххэ сөбүн сөп буолан баран, дьаабы буоллаҕа, онно киһи бөҕөтө өлөр, эдэр бэйэлээх уолаттар билбэккэ тиийэн хаалаллар.
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга биллэн турар, көмө элбэх оҥоһуллар, онно бастатан туран, улууспут баһылыгар Иннокентий Николаевич Стручковка, Лия Михайловнаҕа уонна Акулина Афанасьевнаҕа, Кустуур баһылыгар Роберт Афанасьевичка, Кустуур орто оскуолатыгар барыларыгар улахан махталбын тиэрдэбин күүс — көмө буоларгытыгар. Билигин барыта баар курдук, наада буолар түгэнигэр өссө да көмөлөһө туруохтара диэн эрэнэбит. Ыраах сылдьар дьоҥҥо күүс-көмө тиийэрэ айас надалаах, санаалыын бөҕөх буолаҕын. Судаарыстыбаттан көмө тутта иликпит, туох-туох баарын билбэппин даҕаны диэххэ сөп. Түгэнинэн туһанан, Улуу Кыайыы күнүнэн эйэлээх олоҕу, сэрии бүттүн, бары этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, эйэлээх олоххо олорорбутун баҕарабын.
Марианна СЛЕПЦОВА