Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туох көмө оҥоһулларый?

Өрөспүүбүлүкэ киинигэр Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Оборона министиэристибэтин кытта хантыраак баттаабыт байыаннай сулууспалаахтар 1 мөл. 400 тыһ. солк. ылыахтарын сөп. Бу туһунан Дьокуускай куорат байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир пууна сырдатар.

Бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахха хантыраак баттааһынын кэннэ биир кэмнээх харчы төлөнөр, ол эбэтэр 1 мөл. 400 тыһ. солк., мантан 400 тыһыынчатын Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Оборона министиэристибэтиттэн, 900 тыһ. солк. – Саха өрөспүүбүлүкэтиттэн, 100 тыһ. солк. – куорат уокуругуттан.

Эбээн Бытантай улууһугар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, дойдуларын туһугар сырдык тыыннарын толук уурбут уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр болҕомто төһө уурулларый, туох өйөбүл оҥоһулларый? Бу туһунан туһааннаах салайааччылар сырдаталларыгар көрдөстүбүт.

Сергей Аликов, Түгэһиир нэһилиэгин баһылыга:

— Олохтоох дьаһалта өттүттэн маннык көмөлөр оҥоһуллубуттара, оҥоһулла тураллар:

* оҕуруот аһын хампаанньатын кэмигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр биирдии куул хортуоска түҥэппиппит;

* Күһүн муус, биирдии массыына оттор мас түһэрбиппит, кыһын үөрэх дьылыгар уматыгынан көмөлөһөбүт;

* Суһаллык наадыйар дьоҥҥо биир кэмнээх харчынан көмө оҥоробут;

* Саас массыына суола сабыллыан иннинэ Дьокуускай куораттан сүрүн бородууктаны уонна тутуу матырыйаалын аҕалбыппыт;

* Киин ититэр ситимҥэ холбонууга матырыйаалынан туох кыалларынан көмөлөһө сатыыбыт.

Маны таһынан күннээҕи кыһалҕаларыгар дьон кэлэн ыйытар, көрдөһөр, ону туоратарга, үмүрүтэргэ дьулуһабыт, көмөлөһөбүт.

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар анаан Саҥа Дьыл тэрээһинин оҥоробут, сэмэй бэлэхтэрбитин туттарабыт.

Кылгастык сырдаттахха, бу курдук көмөлөр оҥоһуллаллар.

Петр Потапов, үөрэҕирии салайааччыта:

– СӨ Ил Дарханын уурааҕын сүнньүнэн уопсай үөрэхтээһин өттүнэн 11 көмө миэрэтэ баар, ол онтон биһиги улууспутугар 3 көмө оҥоһуллар. Бу туһунан кэпсиир буоллахха, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро — 3 оҕо быйыл Дьокуускай куоракка «Бэс Чагда” лааҕырга баран сынньанан кэллилэр. Саха сирин тас өттүгэр баар лааҕырдартан төрөппүттэр үксүлэрэ сэрэхтээх диэн бэйэлэрэ туттуналлар уонна саастарынан хааччахтар бааллар.

Маны тэҥэ 14 оҕо уһуйааҥҥа сылдьар төлөбүртэн босхолоннулар уонна 4 оҕо уочарата суох быһа оҕо уһуйааныгар киирдилэр. Оскуолаҕа босхо аһылыгынан хааччыйыы диэн көмө миэрэтэ баар эрээри, биһиги оскуолабытыгар оҕо барыта босхо аһыыр буоланнар киирсибэт. Бу үс эрэ көмө миэрэтэ биһиги улууспутугар туһаныллар.

Читайте дальше