Ыам ыйын 12 күнэ Сиэстирэ аан дойдутааҕы күнүнэн биллэр, бу бэлиэ күн 1965 сылтан бэлиэтэнэр буолбута.
1974 сыллаахтан аан дойдуга ыарыһахтары уонна бааһырбыттары көрүүнү-харайыыны төрдүттэн уларыппыт Британия уопсастыбаннай диэйэтэлэ Флоренс Найтингейл төрөөбүт күнүгэр анаан.
Биһиги, ааспыт да буоллар, бу бэлиэ күҥҥэ анаан Эбээн Бытантай улууһун киин балыыһатын оҕолорго быһыы туруорар сиэстирэни Ирина Петрованы кытта кэпсэттибит.
— Мин 2014 сыллаахха оскуолабын бүтэрэн баран, дьиҥэ сир үлэһитэ дуу, бэтэринээр дуу буолар баҕалаах этим. Ону ийэм күүһүнэн ЯБМК сиэстирэ үөрэҕэр киллэрбитэ, олох сатаан үөрэниэм суоҕа сөбүлээбэт үөрэхпэр дии санаабытым. Онтон үөрэнэ сылдьан анатомияны үөрэтэн барбыттарыгар дьэ интэриэһиргиир буолбутум.
Бу ананан кэлбит үлэбэр үөрэхпин бүтэриэхпиттэн үлэлиибин, номнуо 7-с сылым буолбут эбит. Үлэбин сөбүлүүбүн, интэриэһинэй даҕаны, элбэх араас түбэлтэлэр бааллар, өйбөр умнуллубаттыы хатанан хаалбыттар. Операция диэҥҥэ сылдьа иликпин, практикалана сылдьан кыра эчэйиилэргэ сылдьааччыбын, ону да көрөөччүннэн.
Миэнэ оҕолор салаалара буолан улахан стресс ылар үлэ буолбатах, ол да буоллар, кыра оҕолорго быһыы туруоруу кэнниттэн син биир долгуйуу баар буолар, куһаҕан өттүнэн реакциялаабатын эрэ диэн.
Төрөппүттэри кытта туспа улахан сыһыан наадата суох курдук, бэйэҥ холку буоллаххына барытын миэстэтигэр тоҕо оннугун быһааран, төрүөтүн барытын булан биэрдэххэ барыта орун-оннугар сатанан иһэр курдук.
Бастаан үлэлиирбэр, биллэн туран, ыарахаттар бааллара, оҕолору кытта тэҥҥэ ытыах курдук буоларым, билигин арыый холкутуйбуппун, оҥоруохтаахпын оҥорон иһэр буоламмын, ол да буоллар, билигин да оҕо ытаатаҕына испэр санаарҕыыбын, долгуйабын.
Түгэнинэн туһанан, бастатан туран, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбин ааспыт сиэстирэлэр күннэринэн эҕэрдэлиибин, баҕарыам этэ кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, туох баар үчүгэйи.
Төрөппүттэргэ этиэм этэ оҕолор саастарынан ылыахтаах быһыыларын бириэмэтигэр ыларгытыгар.