Айымньылаахтык үлэлииргэ дьулуһаллар

 «Хаарчаана”  уһуйаан, «Сулусчаан» улахан бөлөх иитээччилэрэ Евдокия  Тоскина, Амгаяна Бочкарева айымньылаахтык үлэлииргэ дьулуһаллар. Ол курдук, кинилэр оскуола иннинээҕи саастаах оҕону иитиигэ — үөрэтиигэ, сайыннарарга туттуллар икки кинигэни таһаардылар.

Бу туһунан, кинилэр маннык кэпсээтилэр.

—  Түмүктэнэн эрэр сыл Уһуйааччы сыла буолан, биһиги үлэбит айымньылаах, таһаарыылаах буолуохтаах диэн, сыал-сорук туруорунан, бу күһүн үлэбитигэр сыһыаннаах икки кинигэни таһааттардыбыт. Бастакы кинигэбит оҕону сөпкө саҥардыыга аналлаах, «Чистоговорки для автоматизации и дифференциации звуков» (Для детей дошкольного возраста. На эвенском, русском и якутском языках.)  Кэлиҥҥи кэмҥэ тылыгар ыарахан кэһиллиилээх, сатаан саҥарбат оҕо ахсаана элбээтэ. Холобура, биґиги бөлөхпүтүгэр 50% кэриҥэ оҕо, дорҕооннору чуолкайдык кыайан саҥарбаттар. Аны нууччалыы, сахалыы булкуйан саІарар оҕолор. Сөпкө саҥарбат оҕо билии ыларыгар ыарахаттардаах буолар. Күүстээх үлэ ыытылыннаҕына эрэ, биирдэ билиитэ-көрүүтэ ситиһиилэнэр.

Тоҕо үс тылынан суруйдугут, диэҥҥэ маннык, бөлөхпүт оҕолоро нууччалыы, сахалыы уонна эбээннии моһуоннаах саҥарар оҕолор буолаллар. Ол эбэтэр, Г-К дорҕооннору тылларыгар туттан саҥараллар. Эбээн хоһоонун күрэҕэр ордук сөпкө, ыраастык саҥаран кытталлар. Ол иһин эбээннии, төрүт тылларынан иитиллээччилэрбит ордук түргэнник тыллара, саҥарар саҥалара сайдыаҕа дии саныыбыт. Онон, бу үлэбит кыһалҕатын учуоттаан, тыл сайдыытыгар кинигэни таһаарыахха диэн быһаарыммыппыт. Тылыгар кэһиллиилээх оҕолору дорҕоону сөпкө, чуолкайдык саҥаралларын ситиһиигэ аналлаах. Тыл сайдыытыгар төрөөбүт төрүт тылынан хоһооннору айан, кинигэ таһаарыы уонна оҕону иитэр-үөрэтэр үлэбитигэр туһаныы. Биһиги сабаҕалыырбытынан сатаан чуолкайдык сөпкө саҥарбат оҕону, төрүт тылынан дьарыктаатахха, ордук  ситиһиилээх буолуоҕа дии саныыбыт.

Кинигэбит үс тылынан буолан,  ордук хоту улуустарга олорор, үлэлиир иитээччилэргэ, төрөппүттэргэ ордук туһалаах буолуоҕа. Оҕо тыла сайдарыгар наһаа наадалаах, туһалаах буолуоҕа, диэн эрэнэбит уонна кинигэ төһө туһалаабытын билээри үлэбит түмүгэр мониторинг ыытыахпыт.

Иккис кинигэбит аата «Кырачаан тарбахчааннар» диэн, оҕо тарбахтарын сайыннарар сыаллаах оҥоһуллубута. Оҕону кыра сааһыттан, биириттэн үһүгэр диэри тарбахтарын күүскэ эрчийэн сайыннарыахха наада. Тоҕо диэтэр тарбахтарын эрчийэн оҕо толкуйдуур дьоҕура, саҥарар саҥата, уйулҕата сайдар.  Оҕо төһөннөн тарбахтарын имигэстик хамсатар да, соччоннон оҕо луосканы, чааскыны, харандааһы, ручканы эрэллээхтик тутар. Эрчиллиилэри кылгас хоһоон нөҥүө үөрэтиллэр. Манна эмиэ сахалыы, нууччалыы, эбээннии хоһооннору айбыппыт. Уһуйааҥҥа сµрµннээн оҕо тарбахтарын сайыннарыыга үлэ ыытыллар, тоҕо диэтэр, оскуолаҕа киирэригэр оҕо бэлэм буолуохтаах. Тарбах эрчиллиитигэр оҕо тарбахтарын ниэрбэтэ уһуктан былчыҥа, тарбахтара, ону тэҥэ хараҕа сайдар. Биллиилээх педагог В. Сухомлинский этэринэн, оҕо сайдыыта тарбахтарыттан саҕаланар диэн. Тарбах сөмүйэтигэр киһи ниэрбэтин түмүгэ баар. Эрчийдэххэ мэйиигэ сигнал барар, оччоҕо мэйии үлэлиирэ күүһүрэр. Оҕо тарбахтарын күүскэ эрчийдэххэ, түргэнник сөпкө саҥарар, суруйар, өйүгэр тутара сайдар. Билигин оҕо уһуйааныгар тылыгар ыарахан кэһиллиилээх, болҕомтото суох оҕолор кэлэллэрэ элбээтэ. Хоту аҕыйах ахсааннаах норуоттар уһуйааннарыгар, тыл сайдыытыгар, эбээннии тыллаах тарбахтары эрчийэр хоһооннор кинигэлэрэ тахса илик, онон оҕону иитэр-үөрэтэр үлэбитигэр наһаа туһалаах буолуо. Эрчиллиилэр хоһоонноро оҕо төрөөбүт төрүт тылынан буоллаҕына, оҕо сайдарыгар ордук  ситиһиилээх буолуоҕа дии саныыбыт.

Эбээннии тылбаастыырбытыгар уонна кинигэлэрбит тас көрүҥнэрин ойуулуурга-дьүһүннүүргэ кыратык ыарырҕаппыппыт. Ону таһынан, маннык айымньылаах үлэҕэ бэрэбиэркэлэтэргэ, сүбэлэтэргэ улууска научнай салайааччы наһаа наада эбит, диэн санааҕа кэллибит.

Түмүккэ, биир дойдулаахтарбытын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит! Доруобай, дьоллоох, үлэлэҕитигэр ситиһиилээх, айымньылаах буолуҥ!

 

 

 

Читайте дальше