Сэтинньи ыйга Москуба куоракка Арассыыйатааҕы XV научнай – чинчийэр Тимирязевскай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Манна Саккырыыр орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Айылана Бочкарева, салайааччыта Любовь Ивановна Стручковалыын ситиһиилээхтик кыттан, I истиэпэннээх Диплом ылан кэллилэр. Бу туһунан Любовь Ивановнаны кэпсээтэ.
— Айылаана үлэтин наһаа үчүгэйдик кэпсээтэ. Бу, уһук хоту ыраах сиртэн саха оҕото нуучча оҕолоругар тиийэн кэпсии турара диэн, сүрдээх долгутуулаах, ыарахан. Биһиги оҕолорбут иҥнэн – толлон турбаттара көһүннэ, Айылаана ыгылыйбакка, туох да харгыһа суох кытынна, онон кини манна бэйэтэ туспа хардыыны оҥордо. Национальнай таІаспытын кэппиппит, наһаа сэргээтилэр, олус кыраһыабай диэн хайҕаатылар. Уонна ойуутун — бичигин туһунан эмиэ ыйытыыларын биэрдилэр.
Бастаан кэтэхтэн туурга киирэммит Лауреат аатын ситиспиппит. Салҕыы бу улахан кэмпириэнсийэҕэ ыҥырбыттара. Сүрдээх элбэх, ол эбэтэр 51 эрэгийиэнтэн кытааччылар кэлбиттэр. Куонкурспут 19 чыыһылаҕа сарсыардаттан саҕаламмыта, 5 секцияҕа араарыллан ыытыллыбыта. Барыбытын «Космос» гостиницаҕа үс күн олохтообуттара. Манна дьоҕус аактабай саалалардаах, онно үрдүттэн хамыыһыйа биир тэҥҥэ көрбүтэ. Биһиги хамыыһыйабытыгар 5 араас выпусктартан профессордар, преподавательлар бааллара, кинилэр сиґилии көрөн-истэн, ыйытыыларын биэрэн кытынныбыт. Ону тэҥэ, атын кыттааччыларга булгуччу ыйытыы биэрии ирдэнэр, бу куонкуруспут тµмµгэр эмиэ ааҕыллар. Айлана кырата 5-6 ыйытыгы биэрбитэ. Биґиги секциябытыгар барыта 20 кыттааччы баара, оскуола оҕолоро уонна усутудьуоннар эмиэ киирбиттэрэ. Дакылааппытыгар презентациялаах этибит, ону көрдөрөн Айлана кэпсээбитэ. Дьүүллүүр сүбэ сүрдээҕин сэргээбитэ, дириҥ ис хоһоонноох үлэ, тиэмэбитин ураты, диэн хайҕаабыттара, сыаналаабыттара. 3-4 ыйытык биэрбиттэрин Айлана харгыґа суох хоруйдаабыта. На±араадалааґын кµн µµнэн, биһиги I истиэпэннээх Диплом тутан сүрдээҕин үөрдүбүт, ситиһиибитинэн астынныбыт. Бу бастакы холонуубут буолар. Улахан таґымнаах куонкуруска барарбытыгар күүс-көмө буолбут оскуолабыт дьаґалтата, улуустаа±ы µірэх салалтата айаммын ороскуотугар өйөөбµттэригэр махталбыт улахан. РФ үөрэҕириитин уонна билимин министиэристибэтинэн өйөнүллэр улахан куонкурус буолар. Манна кыттыбыт о±о бириистээх миэстэни ситистэ±инэ, инникитин үөрэххэ киирэригэр баал эбиллэр. «Поддержка одаренных детей» бырагыраамаҕа киирбит улахан конкурс эбит. Ити курдук, биһиги билимҥэ оҥорбут хардыыбытыттан үөрдүбүт, астынныбыт. Айылаана төрөппүттэригэр тус бэйэм өссө төгүл махталбын тиэрдэбин. Маны таґынан, бэйэм педагогтарга ыытыллыбыт семинардарга кытынным. Уопут атастаһыытыгар дакылаат ааҕаммын, педагогическай уопуппун Арассыыйа таһымыгар тарҕаппытым туһунан свидетельство ылан эмиэ үөрдүм – көттүм.
Биһиги икки күн эрдэ тиийбиппит, онон маІнай Кыһыл болуоссат таһыгар хостелга тµспµппµт, дойдубут тэбэр сµрэ±ин — Москуба куораты билистибит, экскурсияларга сырыттыбыт. О±обор Москуба туґунан билиитин хаІатан биэрдим. Тµґэр сирбит Кыґыл болуоссаты кірбµтµнэн буолан, сүрдээх табыгастаах, сатыы сырыттыбыт. Утары түннүкпүтүнэн ВДНХ кістін турар. Манна «Моя Россия» диэн дойдубутун бүтүннүү көрдөрөр быыстапка буола турарын, бары кірін – истэн билэбит. Сүрдээх улахан, киэІ далааґыннаах, µрдµк таґымнаах быыстапканы көрдүбүт, наґаа астынныбыт. Сахабыт Сирин павильонугар сырыттыбыт, Арассыыйа субъектара бары бэйэлэрин киэн туттар, олохторун – дьаґахтарын кэрэґэлиир µлэлэрин туруорбуттар, историяларын кэпсииллэр эбит. Бу быыстапка уратыта диэн, таарыйдыІ эрэ сенсорнай экраІІа, тугу баҕарбытыІ барыта көстө турар. Онон, сүрдээх интэриэһинэй, аныгы, уот-күөс бөҕөтө. Тµмµкпэр, бэйэм кэллиэгэлэрбэр этиэхпин баҕарабын, маннык куонкурстары мµлчµ туппакка, көтүппэккэ, көрөн-истэн, сөпкө такайан, оҕолору кытыннаран, сайыннаран инникигэ кынаттаан иһиэххэйиҥ.
Кэнчээрибит ситиһиитэ – барыбыт үөрүүтэ. Оҕолорбут араас таһымнаах күрэхтэргэ, куонкурустарга кытталлара, уопут, билии ылынан, идэлэрин сөпкө тайанан улууспут чэчирии сайдарыгар олук ууруу буолар.
Кэпсэттэ Яна Рожина