Дима кыра эрдэҕиттэн хоһоон, кэпсээн суруйарын сөбүлүүр. Билигин кини АГАТУ Өктөмнөөҕү салаатыгар 2 кууруска үөрэнэр. Бу күннэргэ Дима Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин Хайхэ куоратыгар “Звезда Творчества 2024” Аан дойдутааҕы I бэстибээлгэ кыттан Гран При үрдүк ааты ситистэ.
«Наһаа үрдүк таһымнаах, тэрээһиннээх бэстибээл буолан ааста. Биһиги Саха сириттэн ыҥырыылаахтар бары түмсэн, сүрдээх үчүгэйдик сырыттыбыт. Мин төрөөбүт улууһум былааҕын илдьэ сырыттым. Бу үрдүк таһымнаах, улахан тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыларбар күүс – көмө өйөбүл буолбут дьоммор улуус баһылыгар Иннокентий Стручковка, кини солбуйааччытыгар Александра Ивановаҕа, култуура салалтатын салайааччытыгар Степан Слепцовка, муҥура суох махталбын тиэрдэбин. Манна, атын да күрэстэргэ кыттарбар миэхэ сүрүн өйүүр киһибинэн ФК “Бриллиантовые нотки” дириэктэрэ Мария Андреева буолар. Киниэхэ эмиэ улахан махталбын биллэрэбин. Ыччаттарга, састыылаахтарбар этиэм этэ, бэйэҕит ис куккутун иһиллэнэн, айар дьоҕургутун уһугуннаран сайыннарыҥ. Хас биирдии киһи туох эмит дьоҕурдаах дииллэр. Хас биирдии киһиэхэ бэйэтин таһаарар тус аана аһаҕас, түгэни эрэ мүлчү тутумуохха наада », — диэн Дима санаатын үллэһиннэ.
Прошлое скрылось в лесах🍃
Якутия… Север и леса
Полей ледяных немая красота
Окантована, зелёной хвоей
Прохлада хрустальных ковров,
В стремительном танце ветров
Наледей синий простор
У потрясающих гор
Кажется, чем-то иным
Даже почти неземным,
Путь мой над вечностью рек
Берег, бирюзовые льды
Тропинка и человек…
В стойбищах спит тишина
Прошлое скрылось в лесах,
Эхом в ущельях звучат
Предков моих голоса
Вечна небес синева
Солнце восходит всегда,
Надо, дожить до утра
Зиму, растопит весна
Путь к перевалу далёк
Труден и даже жесток,
Вьется за скалы стезя
Ей обрываться нельзя
И надевая дым костров
Ветер, бодро танцевал
Над озолоченным солнцем