Агропрофилированнай оскуола буолар кэскиллээхпит

Бу нэдиэлэҕэ Түгэһиир нэһилиэгэр Дьокуускай куораттан аҕыйах ахсааннаах норуоттар бырааптарын көмүскүүр боломуочуйалаах Аппарат старшай референа, “Ассоциация преподавателей родного языка и литературы коренных малочисленных народов Севера, Сибири и Дальнего Востока” Саха сирин эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай хамсааһынын бэрэсэдээтэлэ Виктория Шумилова үлэ сырыытынан кэлэн барда.

«Эһиги улуускутугар көс оскуоланы тэрийээри гынабыт диэн ыҥырыы биһиэхэ кэлбитэ, онно методическай, консультативнай тэрээһин боппуруостарын быһаарарга көмөҕө ыҥырбыттара.
Эбээн-Бытантай улууһугар таба, саха сүөһүтэ, сылгыта барыта баар, ол иһин агропрофилированнай оскуола буолар киэҥ кэскиллээххит, бу хайысханнан үлэлиэххэ наада диэн үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин кытта мунньахтаан бары биир сүбэҕэ киирдибит.

Хоту олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттар төрүт култуураларын, тылларын, дьарыктарын харыстаан сайыннарыахха, оҕолорго бу өттүнэн күүстээх үлэ ыытыахха наада диэн өйдөбүллээххит. Мин улуус дьаһалтатын дьиэтигэр, оскуолаҕа, оҕо уһуйааныгар, оҕо саас киинигэр сылдьан мунньахтаан, дьон-сэргэ санаатын истэн, бары уопсай сүбэннэн төрүт тылларын, дьарыктарын сөргүтэргэ сөпсөһөллөрүн, өйүүллэрин биһирээтим.
Маны таһынан эбээн норуота бэйэтин быраабын биллин диэн нэһилиэк олохтоохторун кытары тус көрсүһүү оҥордум. Онно уопсайа 10-тан тахса киһи сырытта. Сүрүн ыйытыктарынан хоту омуктарга туох чэпчэтиилэр баарылларын бары интэриэһиргииллэр. Маны тэҥэ хас да киһи тоҕо эбээннэргэ көрүллэр босхо эмкэ тиксибэппитий, хайдах ылыахха сөбүн ыйыттылар. Эһиги улуускутугар аҕыйах эмп кэлэр дуу, эбэтэр кэлбэт дуу, ону үчүгэйдик быһаарсыахха наада.
Инньэ гынан бу үлэм сырыытын түмүгүнэн инники былааммыт диэн эбээн тылын, култууратын сайыннарар туһугар улуус баһылыгын, оскуола дириэктэрин кытта үлэбитин саҕалыахпыт.
Бары биир санааннан ылыммыт былааннаргытын олоххо киллэрэргитигэр баҕарабын, онтон биһиги эһиэхэ күүс-көмө буолуохпут, өйүөхпүт. Үөрэх хаачыстыбата өссө үрдүүрүгэр уонна оскуоланы бүтэрэр оҕолор бары талбыт идэлэригэр киирэн, үөрэнэн бүтэрэн, төрөөбүт дойдуларыгар кэлэн үлэлииллэригэр баҕарабын. Хаадырдары бэлэмнээһин тэрээһиннээхтик барыан наада”, — Виктория Валентиновна сырдатта.

 

Марианна Слепцова

Читайте дальше