Ол курдук, төрөөбүт улууспут тэриллибитэ 35 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт Табаһыттар сүлүөттэрэ киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров, Арктика миниистирэ Владимир Черноградскай, СӨ Ил Түмэн аграрнай политикаҕа уонна тыа сиригэр Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов кэллилэр.
Эбээн Бытантай национальнай улууһа төрүттэммит үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр биһиги анаан – минээн Үөһээ Дьааҥыттан кэллибит. Бырааһынньык наһаа үрдүк тэрээһиннээх, бириистэр да ботуччулар эбит. Биһиги эмиэ кураанах илиилээх буолбатахпыт, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин аатыттан 10 км. сыарҕалаах табанан сүүрдүүгэ Буран бириис туруордубут. «Кочевник» ородобуой община табаһыта Вячеслав Колесов ыраастык ылла. Кининэн сирэйдээн бары таба иитиитин салаатын үлэһиттэрин, убаастабыллаах бэтэрээннэрин, ыччат дьоммутун итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибит!
Эбээн Бытантай улууһа үс салааны тэҥинэн тутар өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох улуус буолар, биһиги маны өйдүүбүт, сыаналыыбыт, киэн эрэ туттабыт. Бүгүн таба иитиитигэр оҕолор, ыччаттар ылсан эрэллэрин көрөн олус диэн сөхтүбүт, астынныбыт. Төрүт дьарыгы, үгэһи сылдьаллара бэрт хайҕаллаах. Утум уонна ситим хаһан да быстыбатын диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Бэйэбит өттүбүтүттэн төһө кыалларынан баар өйөбүл тэрээһиннэргэ уларытыыны киллэрэн көмө тиэрдиллэрин ситиһиэхпит, — диэн т/х миниистир Артем Александрович эттэ.
Бырааһынньык киэргэтиллибит түһүлгэҕэ табаһыттар, ыалдьыттар эбээн омук буоларбытын кэрэһэлээн национальнай таҥастарын – симэхтэрин кэтэн сэлэлии хааман киирдилэр. Үгэс быһыытынан аал уот оттон, буруо таһааран ыраастанан эбээн омук сиэрин толордулар. Дьоһун чааһы улуус баһылыга Иннокентий Стручков, нэһилиэктэр баһылыктара Сергей Аликов, Роберт Колесов, Лев Горохов мустубут дьону, ыалдьыттары уонна бырааһынньык сүрүн “буруйдаахтарын» -табаһыттары эҕэрдэлээн саҕалаатылар. Хотугулуу тыыннаах ырыа -үҥкүү мустубун дьону сэҥээртэ, сүргэни көтөхтө. Тэрилтэлэр, түөлбэлэр туруорбут балааккаларыгар киирбит киһини итии чэйинэн, ас – үөл эгэлгэтэ тардыллбыт сандалытынан көрсөннөр, хоту ыала ыалдьытымсаҕын бигэргэттэ, или – эйэни түстээтэ.
Сүлүөт сүрүн көстүүтэ, кыттааччыны уонна көрөөччүнү долгутар — таба сүүрдүүтүн күрэхтэрэ саҕаланааттарын, дьон – сэргэ «Старт – финиш” аттыгар бэйэтин киһитигэр иһигэр иһийэн “ыалдьа», эрэнэ, Айыылартан кыайыыны көрдөһө мустаннар, кыайыы өрөгөйдөөх, хотторуу хомолтолоох, ол эрэн табаһыттар бэйэ – бэйэлэрин өйөһөллөрүн өтө көрдөрөр күрэхтэр буоллулар.
Бастакынан, бэтэрээннэр сыарҕалаах табанан сүүрдүүлэрэ сүрдээх тыҥааһыннаах буолла. Өр кэмҥэ таба иитиитин өрө тутан үлэлээбит дьоммут Иннокентий Колесов уонна Николай Степанов биэтэккэ биир төбө арыттаах, утуу – субуу кэлэннэр 30- тан тахса сыл, билигин «Кочевник” р/о настаабыньык — табаһыта Иннокентий Егорович кыайыы үөрүүтүн биллэ уонна бастыҥ көлө — Буран хаһаайына буолла.
Биир чаҕылхай көстүүнэн, араас ситим, дьиэ аайы уос номоҕо буолла — Вячеслав Колесов, «Кочевник” р/о табаһыта 5 км. сыарҕалаах табанан, комбинированнай эстафетаҕа, 10 км. сыарҕалаах табанан сүүрдүүлэргэ муҥутуур кыайыылаах тахсан, 3! Буран хаһаайына буолла. «Мин кыра эрдэхпиттэн табаҕа сыста улааппытым, атын идэҕэ үөрэммитим да, табаһыттыыбын. Комбинированнай эстафетаҕа кыайыыны үһүс сылбар ситистим, иллэрээ сыл 3, былырыын 2, онтон быйыл дьэ кыайдым,”- диэн дьол кыымнаах үөрэн мичилийэр Слава. Эрдэтинэ маннык кыайыыны, Хотугу норуоттар II Оонньууларыгар Марат Слепцов ситиспитэ. Онон, өтөрүнэн буолбатах Слава кыайыыта «Кочевниктар» -ы үлэни өрө тутан, иннин диэки, кыайыыга дьулуһарга көҕүлээбитэ чахчы.
Кэрэ аҥардар да хаалсыбаттарын нарын кыыс Кэрэчээнэ Старостина мэктиэлээтэ. 5 км. сыарҕалаах табанан сүүрдүүгэ 4 кэрэ аҥар хаары уҥачыта элээртилэр. Бу кыргыттар бары билигин хонтуора дьоно да буоллаллар, оҕо эрдэхтэриттэн төрүт дьарыгы эттэринэн – хааннарынан билбит, балайда уопуттаах дьон. Онон, биэтэккэ ким кэлэрэ ордук долгуулаах, кэтэһиилээх буолла. Кэрэчээнэ 100 тыһ.солк. уу харчынан бириис тутан үөрдэ – көттө.
Сити курдук, икки күн устата кынаттаах табаларынан сүүрдүүлэр, көрбүтү эрэ кэрэхсэттэ, истибити сэҥээртэ.