Бу ахтыы ыстатыйабар, биһиги дьиэ кэргэн биэс уон тоҕус сыл устата эйэлээхтик бииргэ олорон, уһуннук үлэлээбит кэммитигэр көрсүбүт, оҥорсубут бэлиэ түгэннэрбитин, сабыытыйаларбытын дойдубут Саккырыыр дьонугар кылгатан кэпсиэҕим.
1961 с. СГУ-ну бүтэрэн Саха Сирин Уус Алдан, Үөһээ Дьааҥы, Өлөөн, Эбээн Бытантай оройуоннарыгар норуот үөрэҕириитин уонна култуура үлэтин эйгэлэригэр ыччаты иитиигэ, нэһилиэнньэни сэргэхситиигэ биэс уонча сыллар усталарыгар оскуолаларга дириэктэринэн, саабыһынан, оройунуоҕа мэтэдииһинэн, икки оройуоҥҥа култуура управлениеларын салайааччытынан, ол быыһыгар дойдубар хомсомуолга үлэлээбитим. Билигин сааһыран баран санаан көрдөхпүнэ, ити олорбут, үлэлээбит оройуоннарым аайы хаһан даҕаны умнуллубат чахчылары бу баардыы көрөбүн. Ол сыллардааҕы сабыытыйалар мин хаһан да умнубат түгэннэрбинэн буолаллар.
Ааспыт үйэ алта уонус сылларын саҕаланыытыгар Н.С.Хрущев ССРС-һы салайар кэмигэр, дойду үрдүнэн оройуоннары холбоон бөдөҥсүтүү бэлиитикэтин ыытан улахан аймалҕаны таһаарбыта. Ол түмүгэр мин төрөөбүт Уус Алданым Намы кытта холбонон, Орто Элиэнэ диэн ааттаммыта. Оройуон киининэн Нам бөһүөлэҕин оҥорбуттара. Ити дьаһаллары ханна да дьон-сэргэ өйдөөбөтөҕө, өйөөбөтөҕө, долгуйуу, аймалҕан буолбута. Саҥа оройкуом бастакы сэкирэтээринэн, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Аржаков, Окоемов иккиэн Уус Алдан салайааччылара быыбардаммыттара, аппарат көһөн кэлбитэ. Миигин Уус Алдан оройкомуолуттан эмиэ, саҥа оройуон оройкомуолугар сэкэрэтээринэн аҕалбыттара. Оройунуо сэбиэдисэйинэн эмиэ Уус Алдан киһитэ кэлбитэ. Ити курдук үлэлии сылдьан, бары даҕаны оройуоммутун суох гыммыттарын сөбүлээбэт этибит. Ол эрээри, буолбут уопсай аймааһынтан ханна барыахпытый. Ити аймалҕантан мин билбитим уонна өйдөөбүтүм, тустаахха төрөөбүт дойдута күндүтүн, кинини суох оҥоруу туохха да холоммот иэдээҥҥэ тэҥнээҕин. Бу олорон өрүү саныыбын уонна бэйэбэр чугастык ылынабын, аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит сопхуос хомсомуолун тэрилтэтин сэкирэтээрин, кэлин олоҕум аргыһа буолбут Вася Горохов оройуонун суохтуурун, санаа ыарыга гынарын уонна оччолорго инники өттүгэр үөрэнэн, билии – көрүү ылан, салалтаҕа үлэлээн, хайаан да атаҕастаммыт оройуонун туруорсуоҕун туһунан өрүү ыраланарын, санаатын таска таһаарарын. Ханна да олордор, үлэлээтэр ол туһунан элбэхтик этэрэ. Маны сиһилии бу ахтыы ыстатыйабар ойуччу бэлиэтиэҕим. Бу, нэһилиэнньэ кэлиҥҥи олоҕун дьылҕатын таарыйар сүрүн наадалаах боппуруос буолар.
Намҥа туох да мэһэй суоҕун үрдүнэн онно олорор, үлэлиир баҕа санаа суох этэ. Ханна эрэ баран ыччаты үөрэппит, учууталлаабыт киһи дии саныырым. Биир күн Дьокуускайга киирэн үөрэх министирин көрсөн, ханна эмэ хоту сиргэ ыытарыгар кэпсэттим.Үөрэх миниистирэ Шарин Н.И. Дьааҥы оройуонугар Эһэ Хайа бөһүөлэҕин орто оскуолатыгар химигинэн барарбар бирикээс таһаарда. Эһэ Хайаҕа хорҕолдьуну хостуур шахта, баабырыка, уруудунньук баарын, Дьааҥы оройуона хаайыылаахтар лааҕырдарын дойдута буоларын дьон кэпсээниттэн истэрим. Дьааҥылыам иннинэ ийэбин көрсөн кэлбитим. Барахсаным ол хаайыылаах дойдутугар барыма, өлөрүөхтэрэ диэн ытыы хаалаахтабыта. Мин үөрүөм иһин, хата ол сыл саҕаланыытыгар хаайыы лааҕырын Магадан уобалаһыгар көһөрбүттэр этэ. Эһэ Хайа оскуолатыгар химик учуутал суох буолан, үөрэтии быйылгы үөрэх сылыгар барбатах этэ. Онно сөхпүтүм, оскуолаҕа биир да хаптаҕай муруннаах учуутал суоҕун. Баатаҕайга да, Эһэ Хайаҕа да саха дьоно олус аҕыйах этилэр. ССРС араас өрөспүүбүлүкэлэрин дьоно манна олус эйэлээхтик ньиргиччи үлэлии олороллоро. Оттон Эһэ Хайаҕа киэһээҥҥи оскуолаҕа шахтердар олус эппиэтинэстээхтик үөрэнэллэрэ, билиини ыларга үөрэххэ олус дьулуурдаахтара, дьарыгы көтүппэккэ үөрэнэргэ кыһаллаллара. Мин баарбар биирдэ шахтаҕа саахал буолбутугар, быыһааччылар салайааччыларын олохтоох Элгэс уолун — хайа инженерин көһөҥө таас түһэн өлөрбүтүн атаарбыттара. Кинини уоппускаҕа барар күнүгэр, рудник дириэктэрэ өссө биир нэдиэлэ үлэлээ, диэн көрдөһөн хаалларбыт эбит. Ол бохоруона саҕана араас омук эдэр, эмэн дьоно – шахтердар ытаһалларын уйадыйа көрбүтүм. Ити иннинээҕи кэмҥэ, икки эдэр саха ыаллара миигин ыалдьыттатан үөрдүбүттэрэ. Ол дьиэ кэргэттэриттэн биирдэстэрин аҕалара суорума суолламмыта саныырга олус ыарахана. Эһэ Хайаҕа үлэлээбит кэммэр умнуллубат үтүө түгэнинэн, бэйэм салайар кылааһым оҕолорун кытта Эһэ Хайа (Ыыннаах) үрдүгэр кирилиэс курдугунан тахса сылдьыбыппытын, онно айылҕа кэрэ көстүүтүн көрбүппүн, геологтар урукку хаспах дьиэлэригэр хоммуппутун, бара-кэлэ хайыһарынан сылдьыбыппытын өйдүүбүн. Өссө араас омук эдэр учуутал кыргыттарыгар сахалыы ырыалары үөрэтэн кэнсиэркэ ыллаппыппын, ону олохтоох нэһилиэнньэ олус биһирээбитэ, араас омук талааннаах ыччаттара сахалыы олус үчүгэйдик ыллыыллара.
Эһэ Хайа оскуолатыгар биир үөрэх сылын түмүктээбитим кэннэ, оройунуо миигин Саккырыыр орто оскуолатын саабыһынан ыыппыта. Мин үөрүөм иһин, онно СГУ-га биир кэмҥэ үөрэммит доҕотторум Клара, Евгений Мушниковтар баар этилэр. Клара да, Женя да үчүгэй ырыаһыттар, актыбыыстар этилэр. Биһиги үһүөн университет актыбыыстара буоларбыт. Мушниковтар үөрэнэ сылдьан кэргэннии буолбуттара, уоллара Игорь Дьокуускайга төрөөбүтэ. Эдьийдэрэ Елена Николаевна Мушникова университетка проректордыыра, английскай тылы үөрэтэрэ, наука хандьыдаата этэ. Аҕалара-эһэлэрэ борокуруор — үлэ бэтэрээнэ сынньалаҥҥа олороро. Саҥа сиргэ кэлэн үлэ тэрээһинигэр сылдьан, Улуу Өктөөп бырааһынньыгын саҕана «Ленинискэй» сопхуос хомсомуолун тэрилтэтин сэкирэтээрэ Вася Гороховы кытта көрсүбүтүм. Онтон ыла уопсастыбаннай үлэҕэ арахсыспат актыбыыстар буолбуппут. Оччолортон олохтоох дьонтон кини эрэ өрүүтүн миэхэ «аармыйаҕа сырыттахпына оройуоммутун суох гынаннар, бу атын Дьааҥы оройуонугар биһиги холбонон, аҥарбыт Кэбээйигэ бэриллэн атаҕастанан олоробут. Эбээн норуотун биир дьоһуннаах оройуонун суох оҥорбуттарыттан нэһилиэнньэ улаханнык айманар. Ол эрээри кэлин бириэмэ көрдөрүөҕэ. Биһиги эдэрдэр үлэлээн, үөрэнэн уопутуран баран, тугун-ханныгын чуолкайдыахпыт, бириэмэтэ кэллэҕинэ ити боппуруоска киирсиэхпит», диэбитин олус сөхпүтүм. Онуоха мин эмиэ, оройуоммун аһыйан билбэт сирбэр кэлэн олоробун, диэн кэпсиирим. Иккиэн кыһалҕабыт биир эбит диирбит. Биир сылынан кинини кытта кэргэннии буолбуппут, олохпутун тэринэн үлэлээн-хамсанан барбыппыт. Манна бастакы кыыспыт төрөөбүтэ. 1966 с. Үөһээ-Дьааҥы оройуонун култууратын көрүүтүн бэстибээлэ буолбута. Онно «Ленинискэй» сопхуос кэлэктиибэ бастакы миэстэни ылбыппыт. Биллэн турар, ол урукку нассынаалынай оройуон аҥарын хабар сопхуос үс нэһилиэктэрин улугурбут дьонугар-сэргэтигэр улахан сэргэхсийиини аҕалбыта. Ол олохтоох дьон, оройуонун сүтэрбит ыарахан баттыгас санаата уһуктуутугар бастакы кыымы сахпыта биллэр. Өссө биир эрэл санаа 1965 с. ССКП Киин Кэмитиэтин дьаһалынан Саха Сиригэр холбоһон олорор оройуоннары араартыыр кэмнэрэ күлүм гыммыта эрээри, Саха сирин обкуома икки аҥы атын оройуоннарга аҥаардаан, бэлэх курдук бэриллибит Саккырыыр эбээн соҕотох оройуонун төнүннэрэн холбооботоҕо, бэриллибит оройуоннарыгар хаалларбыта. Онно нэһилиэнньэ анал туруорсуутун саба баттыыр сыаллаах баартыйа обкуомун идеологияҕа сэкирэтээрин Павлов В.Г. ыытан туруорсууну аккаастаан тураллар. Ити өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу салалтатын аатыгар хара мэҥ буолан иҥэн хааллаҕа. Ити кэнниттэн биһиги дьиэ кэргэн Өлөөҥҥө үлэҕэ ананан көспүппүт. Аҕабыт хомсомуол оройкуомун сэкирэтээринэн, мин киин орто оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ уонна үөрэх боппуруоһун солбуйааччытынан үлэлии тиийбиппит. Онно 1968-1976 сс., барыта аҕыс сыл олорбуппут.
Өлөөн эбэҥки оройуона ити иннинэ Булуҥ, Анаабыр, Эдьигээн оройуоннарын кытта холбонон олорон баран, саҥа дьаһалынан уруккутугар төннөн олороро. Кытыы ыраах сытар, суола-ииһэ суох, абына-табына мастаах киэҥ туундара аҥардаах сиргэ олорор ыарахан олохтоох оройуон этэ. Кэлэр-барар суолун хааччыйар онно баасаланар икки Ан-2 бааллара уонна Ли-2, Ил-14 сөмөлүөттэр эрэ түһэр, кыракый солооһун аэропортаахтара. Баартыйа оройкуомун бастакы сэкирэтээрэ Григорьев Х.А. олохтоох киһи үрдүкү бартыыйнай оскуола кэнниттэн кэлэн, иккис сылын үлэлии олороро. Иккис сэкирэтээринэн биһиги Саккырыырдааҕы оскуолабытыгар дириэктэринэн үлэлээбит Винокуров Т.А. үлэлиирэ.Оттон оройуон Сэбиэтигэр 20 сыл салайан олорор үлэҕэ уоппуттаах, кыра үөрэхтээх Саввинов А.Т. бэрэсэдээтэлинэн үлэлиирэ. Кэлин санаан көрдөххө, олорорго ыарахан дойду этэ эрээри, майгыннаһар олохтоох, усулуобуйалаах сиртэн кэлбит дьоҥҥо син сөбүгэр курдуга. Аан маҥнай саҥа тутуллан киирбит билиитэ оһохтоох, муус кырыа истиэнэлээх биир хостоох уонна куукуналаах оройкуом саҥа дьиэтин уһугар аан бастаан кыбартыыраланан, оҕобутун уонна кыра балтыбытын кытта быстах кэмҥэ олохсуйуу, оччотооҕу эдэр дьону долгуппат этэ. Тустаах үлэни толоруу, общественнай үлэҕэ кыттыы, дьон-сэргэ ортотугар сылдьыы, сүрүн сыал этэ. Иккис сылбытыттан дьиэ – уот туруга тупсубута, усулуобуйа баар буолбута. Орто оскуола бэйэтин ыччаты үөрэтэр мииссийэтин оройуон таһымынан ыытара. Оттон хомсомуол оройкуомун сэкирэтээрин көҕүлээһининэн, ону оройкуом бастакы сэкирэтээрин өйөөһүнүнэн, бары бартыынай, сэбиэскэй тэрилтэлэр, сопхуос уонна общественность көмөлөрүнэн таба үлэтигэр ыччаты таһаарар, табаны эдэр ыччат илиитигэр туттарар күүстээх үлэ ыытыллар буолбута. Ол түмүгэр оройуон үлэһит ыччата, орто оскуола выпускниктара былаан быһыытынан таба ыстаадаларыгар үлэлии тахсар буолбуттара. Оройкомуол, сэкирэтээр В. В. Горохов көҕүлээһининэн тэриллибит, эдэр ыччат үлэлиир ыстаадаларыгар сырдыгы-уоту биэрэр движоктардаах, араассыйалаах, наадалаах маллаах, олорор дьиэлэрдээх ыччат баасалара тэриллибиттэрэ. Үлэлии тахсыбыт ыччаттарга таҥас-сап, туттар тэрил, хамнас ситэри хааччыллыбыта. Икки сыл устата табаҕа үлэлээбит ыччаттар оройкомуол туруорсуутунан өрөспүүбүлүкэ уонна Сойуус үрдүк, орто үөрэҕин кыһаларыгар бэриллибит анал миэстэлэргэ киирэн, үөрэнэр буолбуттара. Оройуон Сэбиэтин быһаарыытынан оҕолор бырайыастара төлөнөрө. 1972 сылтан кэнники итинник орто, үрдүк анал үөрэххэ үөрэнэн кэлбит исписэлиистэр билигин улуустарыгар үлэлииллэр. Ити оройуоҥҥа ыччат табаҕа үлэлээн, кырдьаҕас уопуттаах табаһыт настаабынньыктар көмөлөрүнэн, оройуон табатын ахсаана 1969-1974 сс. 27000-тан 35000–ча табаҕа тиийбитэ, оройуон сыл аайы табаттан 900 тыһыынчаҕа, сороҕор биир мөлүйүөҥҥэ тиийэр солкуобайдаах ыраас барыыһы ылар буолбута. Ырааҕы анаарар билиилээх салайааччылар улахан экэнэмиис Григорьев Х.А., норуодунай бэрэсэдээтэл Саввинов А.Т., сопхуос эдэр дириэктэрэ, оройкомуол бюротун чилиэнэ Белолюбскай Ф.П. билигин бааллара буоллар элбэҕи этиэх, кэпсиэх этилэр. Ити курдук, салгыы биһиги аҕабыт иниссэтиибэтинэн «Таба үлэтин ыччат илиитигэр» дэбиистээх, өрөспүүбүлүкэ табалаах оройуоннарын ыччаттарыгар Өлөөн эдэр табаһыттарын ыҥырыыта ылыллан тарҕатыллыбыта. Ол биллэн турар, таба уопсай ахсаана өрөспүүбүлүкэҕэ ССРС үрэллиитигэр диэри бириэмэҕэ, 361 тыһыынчаҕа диэри тийиитигэр көмөлөөх буолбута саарбахтаммат. Өлөөҥҥө ыччат таба үлэтигэр тахсыытын көҕүлээччитэ – аҕабыт, ыччаты салайбыт үлэтин ситиһиитин 1968-1973 сс. ЫБСЛКС КК түөрт төгүл Бочуотунай Грамоталарын ылбыта, 1972 с. Өлөөн оройуонун хомсомуолун тэрилтэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ кыайыылаах тахсан, ЫБСЛКС КК Кыһыл Знамятын туппута толору туоһулууллара. Таба иитиитигэр Өлөөн ыччата кыттыытыгар, киин орто оскуолата эмиэ улахан кыттыгастаах этэ. Ол курдук, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ үөрэхтэригэр тардыналларыгар, бэрээдэктээх буолууга үлэ күүскэ тэриллэрэ. Орто оскуоланы бүтэрбит ыччат табаҕа тахсарыгар өйдөтөр үлэ ыытыллара. үөрэххэ киирэллэригэр анал миэстэ квотатынан, норуот хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ буолалларыгар, таба курдук үтүөкэн баайы көрөр үлэһит буолалларыгар иитэр үлэ ыытыллара. Оройкомуол уонна оройунуо быһаарыылырынан, ыстаадаҕа үлэлии сылдьар ситэтэ суох орто үөрэхтээх табаһыт ыччат миэстэтигэр үөрэнэн, аттестат ыларыгар анал үөрэх мин салалтабынан ыытыллара. Учууталлар кыраапыгынан ыстаадаҕа – ыччат кэллэктииптэригэр тахсан үөрэҕи ыыталлара. Дьэ, итинник киэҥ ис хоһоонноох, ардыгар түбүктээх элбэх үлэлэр ыытыллыбыттарын түмүгэр оччолорго элбэх табаһыт, атын да үлэһит ыччаттар хайҕабылга тиксибиттэрэ. Үөрэнэн кэлиҥҥи сылларга, билиҥҥээҥэ диэри бэртээхэй хаадырдар үлэлииллэр, төрөөбүт оройуоннарын салайаллар. Ити ыччат табаҕа үлэлээһинин кэмигэр, оройуон талааннаах салалтатын дьаһалынан оройуоҥҥа Ан-12, Ан-24, Ан-26 сөмөлүөттэр түһэр аэродром балаһата, элбэх дьиэ-уот тутуллубута, телевидение киирбитэ, сибээс, олох-дьаһах, энэргиэтикэ, нэһилиэнньэ олоҕо тупсубута. Ол эрээри, тоҕо эрэ оройуоҥҥа элбэҕи оҥорбут салайааччылар Григорьев Х.А., Саввинов А.Т. Белолюбскай Ф.П. 1978, 1979, 1990 сс. Дьокуускайга көспүтттэрин кэннэ уонна ССРС үрэллибитин кэннинээҕи сылларга ити элбэх түбүгүнэн, оройуон бүттүүнүн кыттыытынан үөскээн иитиллэ, уйгу -быйаҥы биэрэ турбут отутунан тыһыынча дьиэ табатын, биир дьыл мэйиллэ дьиикэй кыыл табатын үөрэ кэлэн, ньылбы сотон барбыта олохтоох нэһилиэнньэҕэ уонна биһиэхэ билэр дьоҥҥо олус хомолтолоох суол этэ.
Ити ыытыллыбыт үлэ-хамнас сылларыгар иккис оҕобут төрөөбүтэ. Ол үлэ ситиһиитигэр үөрүүнү кэргэним биһиккигэ өссө эбии үрдэппитэ, үлэ, олох ситиһиитинэн кэмэ суох дьолу аҕалбыта. Сопхуоска партком сэкирэтээринэн үлэлии сылдьан, баартыйа обкуомун быһаарыытынан аҕабыт 1974-1976 сс. Хабаровскай куоракка үрдүкү бартыыйа оскуолатыгар үөрэммитэ. Кэлбитигэр кинини Өлөөҥҥө оройуон Сэбиэтигэр ыытарга быһаарбыттарын барбатаҕа, өссө Уус Алдан уонна Чурапчы оройкуомнарыгар ыытаары гыммыттарын төрөөбүт дойдубар Саккырыырга чугаһыам этэ диэн, Үөһээ Дьааҥыга көрдөһөн барбыта. Олохтоох баартыйа оройкуомун тэрилтэтигэр сэттэ аппараат үлэһититтэн, 3 эрэ үрдүк бартыынай үөрэхтээҕин үрдүнэн, вакансия суох диэн, оройуон Сэбиэтин исполкомун сэкирэтээринэн үлэлэппиттэрэ. Икки сыл буолан баран саҥа тэриллибит тыа хаһаайыстыбатын боропсойууһун оройкуомун Президиумун бэрэссэдэтэлинэн быыбардаммыта. Онно биэс сыл кэриҥэ үлэлээн баран, тылланан дойдутугар «Ленинискэй» сопхуос парткомун сэкирэтээринэн баран быыбардаммыта. Онно көһөн барбыппыт. Ити Баатаҕайга кэлии, Саккырыырга барыы бэйэтэ туһунан биричиинэлэрдээх этэ. Бастакытынан, төрөөбүт Саккырыырыгар чугаһыыр, дойдутун кытта сибээһи олохтуохтаах. Иккиһинэн, баар балаһыанньаны үөрэтэн баран, тиийэн туруорсар үлэни ыытыахтаах этэ. Баатаҕай бөһүөлэҕэр тиийбиппитигэр, оройуоннарын Саккырыыры чөлүгэр түһэрэргэ өр сыл туруорса сатаан аккаастаппыт бэтэрээннэр Попов Н.Г. Слепцов И.Н. Слепцов А.И. Стручкова А.Т. М.Е.Старостина уонна да атыттар биһиги тиийэрбитин кытта, күндү ыалдьыт буолан Василийы кытта кэпсэтэ кэлэллэрэ. Кинилэр онно киниэхэ быһаччы уонна аһаҕастык этэллэрэ. Уһун сыллар устаталаах туоратыгар Москубанан, Дьокуускайынан баран-кэлэн, сурук суруйан оройуоммутун Саккырыыры чөлүгэр түһэрэргэ туруорса сатаан кэбистибит. Ону туруорсарга билиибит да тиийбэт, сыыһабыт да баар быһылаах. Салайар үлэҕэ сылдьар үөрэхтээх биир дойдулаахтарбыт биһиэхэ көмөлөспөттөр. Үлэлэрин харыһыйан, куттанан үөһээ тэрилтэлэргэ туруорсубаттар, кэпсэппэттэр. Наар үөһээҥҥилэр сөбүлээбэттэр, боболлор диэн этэллэр. Эн Баһылай үөрэнниҥ, үлэҕэ уопуттааххын, билии-көрүү да баар, биһиги туруорсуубутун салай дииллэрэ. Онно Баһылай туруорсуох иннинэ үүтү-хайаҕаһы, туруорсуу төрүөтүн өйдүүллэрин курдук үчүгэйдик быһаарар наада. Ол иннинэ олохтоох нэһилиэнньэни, кини ахтыыбын ортотугар өйдөтөр үлэни сыыйа ыытар, быһаарааччыларга (үөһээлэргэ) олохтоох эбээннэр ааттарыттан бары өттүттэн толкуйдаммыт суругу ыытыахха наада буолуо, туруорсар үлэни хайаан да ыытыахпыт диирэ. Дойдутугар Саккырыырга – Түгэһиир, Үөһээ Бытантай, Алараа Бытантай нэһилиэктэригэр, производственнай учаастактарга, биригээдэлэргэ, таба ыстаадаларыгар, сылгыһыттар звеноларыгар сылдьара. Оройуон Сэбиэтигэр уоннна боропсойууска үлэлии сылдьан дойдутугар элбэхтик барара. Аҕабыт 1984 с. бэйэтэ оройкуому кытта кэпсэтэн, «Ленинискэй» сопхуос бартыынай кэмитиэтин сэкирэтээринэн быыбардаммыта. Онно кинини бастакы көрсүүбэр бириэмэтэ кэлиэҕэ, оччоҕо оройуону туруорсуохпут, диэбитин өйдөөн «Бириэмэтэ кэллэ дуо?» диэн ыйыппытым. Ону сонньуйан баран «Бириэмэтэ кэллэ, мантан антах олус уһаан хаалыаҕа» диэбитэ. Ити курдук Баатаҕай Алыытыгар кэлэн, мин оскуола дириэктэринэн үлэлээн барбыппыт. Хайабытыгар да үлэ элбэҕэ. Ансамбль мужчин
Кинини биир дойдулаахтара үөрэ көрсүбүттэрэ. Бартыынай ахтыыбы, дьокутааттары, интиллигиэнсийэни, үс нэһилиэктэр салалталарын, үлэ кэлэктииптэрин түмэ тарпыта. Бастакы уочарат тустаах үлэни тупсарарга ыҥырбыта, элбэх сүбэ мунньахтары тэрийбитэ. Парткомҥа дириэксийэ, оробочком, комском, сыахтааҕы бартыынай тэрилтэлэр, сельсэбиэттэр отчуоттарын истэн сүбэлэспиттэрэ. Итиннэ биир сүрүн боппуруоһунан, ханна баҕарар урукку суох буолбут, Саккырыыр эбээн оройуонун чөлүгэр түһэриини сүбэлэһии этэ. Ол инниттэн сопхуос, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр кэллэктииптэрэ уопсай үлэни тупсаран туран оройуону туруорсуу үлэтигэр ахтыыбынайдык кыттыы, бэрээдэҕи бөҕөргөтүү, нэһилиэнньэ ортотугар өйдөтөр үлэни күүһүрдүү, оройуон кэлэригэр бэлэмнэнэр үлэлэри ыытыы — аэродрому оҥоруу, сибээһи тупсарыы, элэктростанцияны улаатыннарыы, тутуу боппуруостара күүскэ тураллара, олор сыыйа олоххо киирэллэрэ. Биллэн турар, биһиги дьоммут баҕа санаалара үөһээҥҥилэринэн бытааннык өйөнөрүн, оройуону туруорсууну өрөспүүбүлүкэ салалтата сөбүлээбэт, диэн Баһылай бэлиэтиирэ. Партком сэкирэтээрин быһыытынан дойдутун дьонугар тылын ылыннарара, дьаһала, сүбэтэ толоруллара. Кини балаһыанньаны, үүтү-хайаҕаһы билэн туран туруорсуутун, министиэристибэлэр да ылынан көмөлөһөллөрө. Кини 1988 с. дэлэгээссийэ тэринэн уонна салайан Сэбээн Күөлгэ баран дьону-сэргэни, «Кировскай» сопхуос салалтатын, нэһилиэк Сэбиэтин ахтыыбын, дьокутааттары уонна нэһилиэнньэтин кытта көрсүһэн кэлбитэ, урукку оройуон аҥарын оройуону тэрийэргэ туруорсууга кыттыһалларыгар ыҥырбыта. Онно Саккырыыр үс нэһилиэктэрэ ахтыыбынайдык кыттыбыттарын, кимнээх үлэни күүскэ ыытыһан көмөлөспүттэрин, Кэбээйигэ бэриллибит нэһилиэнньэ аҥарын сорох салайар дьон утарар үлэни ыытан, дьону булкуйан ол хайдах түмүктээх буолбутун, Баһылай суруйан таһаартарбыт «Кырдьыгы кистээбэккин» диэн кинигэтигэр толору суруйбута. Оттон Саккырыырга кэлэн үлэлээбит сылларыгар урукку оройуону туруорсууну тэҥэ, 27 сыллар усталара оройуонун сүтэрбит нэһилиэнньэ ортотугар кэлэн олохсуйбут араас быртах, тиэрэ кэмэлдьилэр,ордук арыгылааһын түмүгэр оҥоһуллар содуллары туоратыыга күүстээх үлэлэр ыытыллыбыттара. Ол түмүктээх буолбута. Икки аҥаар сыл устата арыгыта суох суоналар, нэһилиэктэр баар буолбуттара. Ыаллар аҕалара дьиэ тутуутугар, өрөмүөнүгэр, ийэлэрэ оҕо иитиитигэр ылсыбыттара, дьон настарыанньата сыыйа үрдээбитэ, үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһыыта улааппыта. Дьиэ кэргэттэр олохторо, үлэлэрэ, оҕону иитиигэ болҕомтолоро тупсууга барбыта. Оскуола үөрэнээччилэрэ үөрэ-көтө сылдьаллара, оскуолаҕа үөрэххэ кыһамньылара, олоҕу дьаһаныы тупсарга барбыта көрдөрөрө.
1985-1988 сс. оройуону туруорсууга элбэх үлэ ыытыллыбыта. Олохтоох өрөспүүбүлүкэ салалтата аккаастан атын эппиэти биэрбэтэҕэ. Ол бириэмэҕэ ССКП КК Генералынай Сэкирэтээрэ, ССРС Бэрэсидьиэнэ Горбачев М.С. салалтатынан Сойууска демократияны олохтооһуну, дойду олоҕор уларытыы, саҥатытыы сүүрээннэрин киллэриини, сайдыыны түргэтэтэр туһунан бэлиитикэни ыытар наадатын ыйбытыгар олоҕуран, Баһылай олохтоох эбээннэр ааттарыттан оройуону туруорсар суругу суруйан, тустаах дьоҥҥо илии баттатыннаран М.С.Горбачевка ыыттарбыта. ССКП КК Сэкэритэрийээтэ обкомҥа — Ю.Н.Прокопьевка биэрбит сорудаҕын толорууну, Сэбээҥҥэ олохтоох салайар ахтыып уонна Кэбээйи оройкуомун сабыдыалларынан мэһэйдээбиттэрэ. Олохтоохтору истибэккэ, туруорсубут бэтэрээннэри, кинилэр салайааччыларын кытта сүбэлэспэккэ, урукку оройуон аҥарыгар эрэ, кыра оройуону тиэтэлинэн тэрийбиттэрэ. Хомойуох иһин, Баһылай улаханнык ыалдьан, көрдөһөн, өссө эрдэ 1988 с. үлэтиттэн босхоломмута уонна үчүгэй балыыһалах сиргэ Баатаҕай бөһүөлэҕэр оройуоннааҕы үүт-эт кэмбинээтин дириэктэринэн эмтэнэ-эмтэнэ балтараа сыл үлэлээбитэ. Ити эмтэнэр бириэмэтигэр киһи сөҕүөҕүн иһин, 1989 с. алтынньы ыйыгар тыаһа-ууһа суох, олохтоох хаадырдары ситэ тардыбакка, туруорсууну дьаһайбыт салайааччыны кытыннарбакка, урукку оройуон Үөһээ Дьааҥыга бэриллибит аҥарыгар Эбээн Бытантайы тэрийбиттэрэ. Ол саҕана тэрээһин үлэлэригэр, тутууга бырабыыталыстыбаннан бэриллэрэ быһаарыллыбыт икки мөлүйүөн солкуобай, оччотооҕу харчы уон ый устата ылыллыбакка, туттуллубакка тэрээһин үлэни олус бытаардыбыт түбэлтэтэ хомолтолооҕо. Олохтоох усулуобуйаны кыра сааһыттан билэр аҕабытын, 1990 сыл ыам ыйыгар ыҥыран аҕалан, саҥа оройуон Сэбиэтин бэрэссээдэтэлин бастакы солбуйааччытынан, онтон алтынньы ыйтан оройкуом сэкирэтээринэн быыыбардатан үлэлэппиттэрэ. Хойутаан да буоллар, нэһилиэнньэ быыбардаан, 1995-2000 сылларга улуус баһылыгынан үлэлээн, Баһылай туруорсан оҥотторбут оройуонун сүһүөҕэр туруорарга бары күүһүн биэрбитэ. Кини иннинээҕи бириэмэҕэ саҥардан тутуллубакка, уларытыллыбатах хаарбах хочуолунай умайан, бөһүөлэк ититэр систиэмэтэ тохсунньу ыйга тоҥмут содулун туоратыы түбүктэрэ, уустук кэмҥэ үлэтэ доруобуйатын туругун мөлтөтөн иһэринэн, кыһалҕаттан быыбардаммыт соруоҕун толору үлэлээн баран, сайабылыанньа биэрэн уурайбыта. Урукку оройуонун туруорсуутун, атын оройуоннарга үлэлээбитин туһунан сааһыран баран суруйбут, чуолаан «Олоҕум, үлэм кэрчиктэрэ», «Үөрүү өрөгөйө», «Кырдьыгы кистээбэккин» диэн ааттаан таһаартарбыт, сорох кинигэлэригэр толору суруйбута.
Саккырыырга кэлэн олорор 1984-2002 сылларбытыгар мин уон сыл устата оскуола дириэктэринэн, кэлин оройуон буолбутун кэннэ быстах кэмҥэ музыкальнай оскуола дириэктэринэн, салгыы алта сыл устата оройуон култууратын управлениетын салайааччытынан үлэлээбит кэмнэрбэр бөһүөлэк, оройуон иһигэр ыытыллар бары общественнай үлэлэри былааннааһыҥҥа, ыытыллыыларыгар барытыгар кыттарбыт. Онно сопхуос дириэктэринэн И.В. Степанов, партком секретарынан В.В. Горохов, Түгэһиир Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Н.А. Дмитриев, кэлин П.П.Чириков, сопхуос профкомун бэрэссэдээтэлинэн М.И.Захаров, орто оскуола дириэктэринэн мин, саабыһынан А.С. Степанова үлэлээбиппит. Бары анаммыт үлэбитигэр былаан быһыытынан көхтөөхтүк үлэлиирбит. Оччотооҕуга, билиҥҥи баар мас оскуола тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Оскуолаҕа Аммосова Т.Х., Чирикова А.Н., Попова Е.И., Мушникова К.И., Захарова Т.М., Старостина М.Е., Колесов П.М.,Томскай Д.Д, Стручкова Л.И., Горохова Е.М., Горохова Н.А., атын да элбэх бастыҥ учууталлар бааллара. Оскуола кэллэктиибэ олус көхтөөх буолара, бөһүөлэк бары общественнай үлэтигэр ахтыыбынай тэрийээччи этэ. Сопхуос салалтатын кытта сүбэннэн үлэлиирбит. Ол саҕана, оҕолор табаҕа үлэлээһиннэрин саҕалаабыппыт. Саас аайы оҕолору ыстаадаларга таһааран, табаҕа практикаларын ыытарбыт. Иван Васильевич барытыгар киһи сөптөөх этиитин өйүүр, ылынар этэ. Ол курдук, сайын табаҕа үлэлээбит оҕолорго кыра да буоллар, сопхуос харчынан хамнас төлүүрэ, оҕолор үөрэллэрэ. Ону таһынан, кинилэргэ бураанынан сылдьарга анал үөрэх ыытыллыбыта. Оннук сылдьан практикаланалларын оҕолор олус күндүтүк саныыллара. Саҥа оройуон буолбутун кэннэ, оройкуомҥа сэкирэтээрдии олорон ыҥыран ылан, музыкальнай оскуолаҕа дириэктэрдээ диэбитин сөбүлэһэн, үлэбин уларыппытым. Онтон ыла, дьиҥнээх эбээн ансамбылы тэрийбит киһи, диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Биирдэ култуура министиэристибэтигэр кэллиэгэлэрим, Парижка эбээннии үҥкүү ансамбылын ыытаары көрдүү сылдьабыт диэбиттэрин истэн, онно кыттыбыт киһи диэн, кулуупка үлэлиир З.П.Никулинаны ыҥыран, хореграфтарга эбээннии тылы уонна хамсаныыны үөрэт диэбиппин сөбүлэспитэ.
Дьокуускайга тиийэммин, миниистир А.С.Борисовка хаста да сылдьан, ыраах хоту талааннаах эбээн оҕолоро, талааннаах хореграфтар бааллар, ансаамбыл бэлэмниибит, кинини Парижка ыытыахха, онно көмөлөһүҥ, диэн көрдөспүтүм. Бэлэмниир кыахтаах, П.А.Ламутскай – Степанов кыыһа биһиэхэ баар, талааннаах хореограф кыргыттардаахпын, диэн кэпсээбитим. Ити кэпсэтэ сылдьарбын, баҕар табыллыа суоҕа диэн, кимиэхэ да кэпсээбэт этим. Арай ону, тэрээһиҥҥэ көмөлөһүөхтээх Иван Васильевич, Василий Васильевич, мин эрэ билэрбит. Онон музыкальнай оскуолаҕа төһө да музыканы үөрэппэтэҕим, дьарык оҥостубатаҕым иһин, итинник биир үтүө дьыаланы инициатор быһыытынан тэрийсэн оҥорбутум, дии саныыбын. Оҕолор Парижка сылдьан кэлбиттэрин кэннэ, Дьокуускайга сырыттахпына оҕолорбун хайҕыыллара аҕай, ол иһигэр ордук Ваня Васильевы олус талааннаах оҕо эбит диэбиттэрэ. Ол оҕобун хата биирдэ, Москва телевидениетын биэриитигэр кыттан кэпсээбитин истэн үөрбүттээхпин. Салгыы култуура управлениетын салайааччытынан ананан үлэлээбитим. Куоракка сылдьан Туйаара, Сэргэй Сивцевтары үөрэнэ сырыттахтарына көрсүбүтүм. Үөрэнэн бүттэхтэринэ Саккырыырга кэлэллэригэр ыҥырбытым. Үөрэнэллэригэр истипиэндийэни оройуон төлүүрүгэр кэпсэппитим. Айылҕаттан талааннаах оҕолор кулуупка «Тугусил» үҥкүү ансаамбылын үрдүк таһымҥа таһааран, норуодунай оҥорон барбыттара. Оройуоҥҥа биллэр «Генулчал», Тугусил», «Аянесса» үҥкүү ансаамбылларын уонунан сыллар усталарыгар тэрийэн үөрэтэн, үрдүк таһымҥа таһаарбыт Чичигинарова Т.И., Никитина Э.К., Кривошапкина Н.А., Туйаара, Сэргэй Сивцевтар ааттарын биһиги үлэлэспит дьон уонна оччотооҕу эдэр ыччат хаһан да умнуохпут суоҕа. Оттон култуураны салайан үлэлээбит кэмнэрбэр ырыаны-тойугу, үҥкүүнү, испиктээкили толорооччулары ааҕан сиппэккин. Холобур, эр дьон ырыаҕа ансаамбылын ахтыыбынай кыттыылаахтарын, үҥкүүһүттэри – Татьяна Захарова, Светлана Санникова, Сардаана Ермолаева, Наталия Кривошапкина, испэктээкилгэ оонньооччулар- Старостина Е.П., Степанов П.Д., Постников И.И., Никитина М.П., Саргина М.И. уонна да атыттар бааллара. Р.И.Шарина эдэригэр тэрийбит норуодунай тыйаатыра умнуллубутун төннөрбүппүт, ол билиҥҥээҥэ диэри үлэлиир. Баатаҕай Алыытын, Кустуур, Дьарҕаалаах дьоно олус талааннаах этилэр. Ырыаһыттар П. Петров, В. Михайлов, Ф.Никитин, М.Ушницкай, С.Слепцов, Л.Стручкова, В.Максимова, А.Софронова, К.Мушникова, П.Ефимова, В.Захаров уонна да атыттар үчүгэйдик ыллыыллара. Фестиваллар зонаҕа да, Дьокуускайга да ыытыллаллара, биһиги үгүс дьоммут Лауреаттар буолаллара. Ыаллыы оройуоннар биһиги талааннаах музыканнарбытыгар мэлдьи ымсыыраллара. Мин билэрбинэн чугастааҕы оройуоннарга Егор Колесовка, Геннадий Зубакиҥҥа тэҥнэһэр баянистар аҕыйах буолааччылар.
Билигин олох атын бириэмэ. Үлэлииргэ, үөрэнэргэ элбэх көмө баарын билэбит. Биһиги эдэрбитигэр туох да наҕараада, үлэҕэ бириэмийэ суох этэ, баар да буоллаҕына олус сэдэҕэ, хамнас да кыра буолара. Ол да буоллар үлэлээн, эбээһинэспитин толорон олорбуппут. Ол курдук, билиҥҥи бириэмэ биһиги үлэлээбит кэммититтэн олох атын. Саҥа үйэ тиэмпэтэ, дьон өйө-санаата бириэмэ уларыйыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэр. Онно бары өттүнэн сөп түбэһэр ис хоһоонноох олох, өй-санаа, үөрэх, үлэ баар буолуохтаах. Хас биирдии киһи бу кэмҥэ барытын учуоттанан, дьаһанан олордоҕуна, барыны бары ситиһэр кыахтаах. ССРС саҕана биир халыып идеологиянан олоруу баарын билэбит. Олор сорох өрүттэрэ сыыһатын бириэмэ көрдөрдө. Ханна да үлэлээ, ол олорор сиргин таптаа, кини сайдыытын туһугар баар кыаххын туһан. Ол инниттэн, бары биир сиргэ олорор дьон түмсүүлээх буолуҥ. Бэйэ алҕаһын, сыыһатын эрдэтинэ туоратан дьаһаныҥ. Бэйэҕит элбэх куолаһынан быыбардаабыт салайааччыларгыт сиэрдээх үлэлэрин өйөөҥ, итэҕэһин туоратарыгар сүбэлээҥ, көмөлөһүҥ. Салайааччы ким да буоллун, көрсүһэн уопсай үлэ хайдах туруктааҕын туһунан кэпсэтиҥ, ырытыһыҥ. Нааданан ааҕар буоллаххытына этиитэ киллэриҥ. Урут оройкуом сэкирэтээригэр киирбэт, бэйэ санаатын этэртэн туттунар этибит. Оттон билигин, оннооҕор В.В.Путины кытта илии тутуһан оҕотугар тиийэ баҕа санааны этэн кэпсэтэр кыах баар буолла. Биһиги хоту дойдубут барахсан ханна да бэйэтин кэрэ айылҕатынан, булдунан, сирин аһынан, араас дэлэй баайынан кими баҕарар аһатар, иитэр кыахтаах. Киниэхэ сүгүрүйүөххэ, таптыахха, харыстыахха наада. Мин култуураны салайар бириэмэбэр вертолетунан ыстаадаларга баран үлэ ыытар этибит. Онно көрбүтүм сир-дойду, айылҕа кэрэ көстүүтүн. Онно сылдьыбыппын, көрбүппүн — дьолум диибин. Маннык кэрэ айылҕалаах сиргэ олорон, арыгыта суох чөл олохтоох буолбут киһи, диэн саныыбын. Дьону итирдэр, иирдэр арыгы утахтарын аччатан, бэрээдэктээн олоруу, мин санаабар хас биирдии сиэрдээх өйдөөх- санаалаах дьон сүрүн сыаллара, быһыыларын, майгыларын көрдөбүлэ буолуон сөп этэ. Бу боппуруоска аналлаах туһунан маҕаһыыны киин бөһүөлэккэ аһан, атын бөһүөлэктэргэ маҕаһыыннар отделларын тэрийэн эбиэт кэнниттэн киэһэ 8 чааска диэри полиция уонна аналлаах хамыыһыйа хонтуруолларынан атыылааһыны тэрийиэххэ баар этэ. Бэрээдэҕэ суох маҕаһыыннарга арыгы атыытын уонна чааһынай туочукалары үлэлэтэр дьону, сокуон ирдэбилинэн салайтаран, бэрээдэҕи хонтуруоллуур уорганнарынан кытаанах эппиэтинэскэ тардыахха наада. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу боппуруоска хамсааһыннар тахсан эрэллэр. Кылаабынайа хас биирдии түөлбэҕэ чөл олохтоох буолуохха наада. Бу тылы этэртэн мин кыбыстыбаппын. Араас оройуоннарга олоххо тэмтэрийбит дьону араас ньыманы туттан, көнөр суолга киирэллэригэр көмөлөспүтүм. Ити үлэлээбит сирдэрбэр дьахталлар Сэбиэттэригэр общественнай үлэни толорбут сылларбар этэ. Ол үлэм өрөспүүбүлүкэ Бэрисидьиэнэ В.А.Штыровунан үрдүктүк сыаналаммытынан киэн туттабын. Соторутааҕыта култуура үлэһиттэрэ тиийэн «Норуодунай кэллэктииптэр» үлэлэрин сыаналаан кэлбиттэрин билэбит. Кустуурдар маладьыастар, култуура боппуруоһугар дьоһуннук тэринэн олорор эбиттэр. Аныгы бэрэбиэркэҕэ диэри өссө тупсалларыгар эрэнэбит. Үҥкүү курдук кэрэ жанры сайыннарар сыалтан хореограф ыҥыран, сөптөөх дьиэннэн хааччыйан үлэлэтиэххэ наада. Успуордунан ыччаттар дьарыктаныыларыгар эмиэ болҕомтону ууруохха. Аҕыйах сылынан Саккырыырбыт олоҕо бары өттүнэн өссө сайдыа, аата өрөспүүбүлүкэҕэ биллиэ, диэн эрэнэбит. Туох баар талаан кини ыччаттарыгар баар. Сайдалларыгар оройуон саҥа салалтатын өттүттэн усулуобуйа оҥоруохха эрэ наада. Ону саҥа салалталар оҥоруохтара, диэн эрэлбит улахан. Биир санаанан, сыалынан оройуоҥҥут ситиһиилээх буоларын туһугар кыһаныҥ. Хайдах олороргут, олоххутун тупсараргыт, сайыннараргыт бэйэҕититтэн эрэ тутулуктааҕын, туһунан оройуон буолан олоххутун бэйэҕит эрэ күүскүтүнэн, кыһамньыгытынан сайыннарар кыахтааххытын өйдөөҥ. Кырдьаҕас энтузиастаргытын хаһан да умнумаҥ. Кинилэр өр сылларга бэйэлэрин тустарын көрүммэккэ, ааттара-суоллара өлбөөдүйэригэр болҕойбокко, урукку оройуоннарын өр кэмҥэ харса суох туруорсубуттарын, кини оннугар кыракый Эбээн Бытантай оройуонун олохтоппуттарын, оройуоҥҥут ол кэмнээҕи устуоруйатын туһунан Таас Уолун кинигэлэрин ааҕан билиҥ.