Ааһан эрэр сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Педагог уонна уһуйааччы сылынан биллэриллэн, үгүс элбэх тэрээһин маныаха туһаайыллар

Бу күннэргэ «Хаарчаана» уһуйаан үлэһиттэригэр идэ таһымын күрэҕэ буолан ааста. Манна оскуола иннинээҕи саастаах оҕону иитиигэ баай уопуттаах настаабынньыктар эдэр педагогтары кытта ситим хамаанда тэринэн күөн көрүстүлэр.

Бэйэни билиһиннэрии, маастар-кылаас уонна цифровой үөрэтэр ньыманы туһанан бырайыактарын көрдөрдүлэр. Хамаандалар бары даҕаны бэрткэ бэлэмнэммиттэрэ, бииртэн биир болҕомтону тардар үлэлэрэ дьүүллүүр бөлөх сэҥээриитин ылыаҕын ылла.

Ол курдук, Люция Рожина логопед – учуутал уонна кини эдэр кэллиэгэтэ Майя Кривошапкина «Пальчиковая гимнастика с сопровождением стишков для детей дошкольного возраста» авторскай бырайыактарын, «Дидактические игры с использованием МКТ для детей старшего дошкольного возраста» маастар – кылаастарын билиһиннэрдилэр. Мария Никитина уонна Марианна Лыткина «Приобщение детей к традиционным промыслам и ремеслам нашего родного села» бырайыак уонна «Тэстибэт аптаах түгэннэр» оҕолорго дьарык кэмигэр соһуччу үөрүүлээх түгэннэр маастар – кылаас, Христина Стручкова уонна Дария Колесова «Устами младенца глаголит истина» журналист идэтигэр көҕүлүүр бырайыактарын, «Көмө киһитэ» тиэмэлээх физкультминуткаларга маастар – кылаас көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар С.И.Софронова («Хаарчаана» уһуйаан сэбиэдиссэйэ, Е.В.Потапова (СОО алын кылаас учуутала), Л.Н.Слепцова(уһуйаан профкомун бэрэссэдээтэлэ), К.А.Потапова (төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ) киирдилэр.

Кµрэх тµмµгµнэн муІутуур кыайыылаахтарынан Люция Рожина уонна майя Кривошапкина буоллулар.

— «Прорыв новизны идей» номинация хаґаайыттарынан Евдокия Тоскина уонна Амгаяна Бочкарева;

— «Во всем креатив таланта» номинация Дария Колесова уонна Христина Стручкова;

— «Профессионализм&качество» номинация Мария Никитина уонна Маианна Лыткина.

«Көрөөччү биһирэбилэ» ааты Евдокия Тоскина уонна Амгаяна Бочкарева ыллылар.

Күрэх арыллыытын «Гарпан» этнокултуурунай киин үлэһитэ Щерзот Рябчиков эҕэрдэ ырыатынан киэргэттэ.

 

Яна РОЖИНА

 

Читайте дальше