Аҕам туһунан  ахтан — санаан

Аҕам сэрии уонна тыыл бэтэрээнэ, колхознай – совхознай тутуу чулуу кыттыылааҕа Горохов Гавриил Дмитриевич сырдык кэриэһигэр аныыбын.

Мин бэрт уһуннук, санаа баҕата оҥостубут суруйуубун дьэ, саҕалыырга сананан «Аҕам туһунан ахтан — санаан» диэн, быйыл Аҕа Дойду Улуу сэриитин 84-с сылын көрсө суруйарга сананным.

Мин аҕалаатар аҕам, Горохов Гавриил Дмитриевич 1902 сыллаахха (таҥара дьиэтин суругунан), докумуоҥҥа суруллубутунан 1905 сыллаахха Бэрхэйээн уокуругун Боронук нэһилиэгэр Горохов Дмитрий (Миитэрэй Уус) уонна Горохова Пелагея Ивановна дьиэ кэргэнигэр, 8 бииргэ төрөөбүттэртэн 4 оҕоннон күн сирин көрбүт.

Аҕам дьоно Улуу Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтэ саҕаланыан иннинэ, оччотооҕу Бэрхэйээн уокуругар киирэр Булуҥҥа, Бороҕон нэһилиэгэр көһөн тиийэн, сир – уот оҥостон, илдьэ тиийбит сүөһүлэрин (ынах сүөһүнү) элбэтэн олохсуйан, «Уустар олохторо» диэн сиргэ, син сэниэ ыал сиэринэн олорбуттар. Аҕам кыра сааһыттан уһанарга, бултуурга, ыраах айаҥҥа сылдьарга аҕатыттан Уус Миитэрэйтэн үөрэнэн, 16 – 17 сааһыттан ол эргин биллэр улахан атыыһыкка «илии – атах» (көмөлөһөөччү) уолунаан «Бэрхэйээнинэн, Булуҥунан, Лаптевтар муораларынан, Чукоткаҕа тиийэ эргийэн кэлэр этибит» — диэн кэпсиирэ аҕам.

Биирдэ таба сыарҕатын көлүйэн айаннаары туран, сыарҕаҕа олорон, ойон эрэр табаларын тохтотоору, тайах маһын сыарҕа ылаҕар (сыарҕа илин өттө) укпута тэйэн, хараҕын уонна хааһын икки ардыгар (хараҕын уҥуоҕун иһигэр) тайах мас төбөтө (болчуоҕа) киирэн, иһирдьэ тостон хаалар, маҥан хаарга хаан ыһылла түһэр, аҕам өйүн сүтэрэн кэбиһэр. Дьолго хата дьоно чугас буолан дьиэҕэ көтөҕөн киллэрэн ороҥҥо сытыараллар, аҕам сирэйин аҥаара бүтүннүү сүүлэ иһэр. Аҕата Уус Миитэрэй уотун күөдьүтэ охсон, онно уһун тимиртэн «сыпсыы» диэни эттээн – эллээн таптайа охсон уталыппакка, ол киэһэ уолун дьиэ истиэнэтигэр өйөннөрө олордон баран, тайах мас төбөтүн ол сыпсыытынан ытыттаран баран, уолун түөһүттэн тэбинэн туран, балачча быга сылдьар маһы туура тардан ылар.  Аҕам барахсан «абытайдаах ыарыыттан, тута өйбүн сүтэрэн кэбиспитим, аҕам тымныы ууннан ыһан өй киллэрэн баран, куобах тириитин уокка кэриэрдэн, тугу эрэ ботугураат баран саба баайан кэбиспитэ, син ый курдук эрэйдээн баран, оспута эрээри хараҕым кыламана иһирдьэ үмүрүччү үүнэн, кэлин ол аалан хаста да эппэрээссийэлэммитим да туһалаабатаҕа, кэлин ол харахпын быраастар оҥон ылан бырахпыттара», диирэ. Кэлин сааһыран баран хара таастаах ачыкы кэтэр этэ.

Аҕам ол курдук, оҕо сааһыттан төһө да хараҕынан моһуоҕурдар үллэр үйэтигэр, саллар сааһыгар үлэ бөҕөтүн үлэлээн, оттоон – мастаан, бултаан алтаан орто туруу дьонтон туох да итэҕэһэ, киһи курдук биир эр киһи олоҕун толору олорон ааспытын туһунан ааҕааччым сэҥээрэр буоллаххына, саас – сааһынан кэпсиим дуу?! Дьэ, иһит…

19 – с үйэ 30 – с сылларыгар Саха сирин үрдүнэн (коллективизация) диэн, хампаанньа тэрийэн оччотооҕу тыа сирин барытын хабан алаастарынан, тоҕойдорунан тарҕанан олорбут ыаллар сүөһүлэрин: ынаҕы, сылгыны, табаны саҥа тэриллэр артыалларга, холхуостарга холботолооһун барбыта. Мин аҕам Гавриил Дмитриевич хаан – уруу дьоно «Уустар» уолаттара, кыргыттара, бары туруу үлэһит дьон аҕалаах ийэлэрин сөбүлэҥнэрин ылан 30 – ча төбө сүөһүлээхтэрин маҥнай саҥа тэриллибит артыалга холбууллар, сирдэрин – уоттарын Намыы, Оҕустаах диэн ходуһаларын туран биэрэллэр.

1932 с. Булуҥ оройуонун Бороҕон нэһилиэгэр 2 холбоһуктаах хаһаайыстыба тэриллибититтэн биирдэһигэр «Кыһыл ыллык» холхуоска холбоһон чилиэн буолаллар. Маҥнай убайдара Таран Дмитриевич колхуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан сотору тымныйан өлөр.

Аҕам бу колхуоска чилиэнинэн 1961 сыллаахха диэри үлэлээбит. Кини төһө да Бэрхэйээн уокуругун биллэр көмүһүн ууһун уола буоллар, көмүскэ сыстыбатах, кинини Бороҕон нэһилиэгин дьоно тимир уонна мас ууһун быһыытынан билэллэрэ. Колхуостааһын сылларыгар колхуоска кэлбит бастакы тимир көлөлөрү – акка соһуллар от охсор косилкалары үлэлэтэн, күнү – күннүктээн от  оҕустарара эбитэ үһү. Анал үөрэҕэ да суох буоллар сахалыы сатабылынан, мындыр өйүнэн ити тэриллэр алдьаннахтарына бэйэтэ көрөн – истэн, өрөмүөннээн син – биир үлэлэтэрэ, диэн ийэм кэпсиирэ.

Нэһилиэгэр Бороҕоҥҥо бастакы оскуола маһын кэрдиитигэр, бэрэбинэ бэлэмнээһинигэр, тиэйиитигэр сылдьан, кэлин өссө оскуола тутуутугар маастардаан үөрэх бастакы кыһатын акылаатын уурсубут дьонтон биирдэстэрэ буоларын, ийэм Винокурова Христина Николаевна кэпсээниттэн истэн улааппытым. Аҕам Хабырыыс бэйэтин туһунан үгүһү кэпсээбэт, бэрт сэмэй, сытыары сымнаҕас майгылаах, дьоҥҥо үтүө эрэ санаалаах, саастаах саха дьоһун киһитэ этэ.

Кини кыһыҥҥы кэмҥэ колхуоска кадровай булчутунан, сааскы – күһүҥҥү кэмнэргэ мас бэлэмнээһинигэр биитэр тутууга, сайыҥҥы өттүгэр от биригээдэтигэр отчутунан, үксүгэр биригэдьииринэн сылдьара үһү.

Ити курдук коллективизация күүрээнэ «кулаактааһын» хампаанньата, «гражданскай сэрии» — убай быраат утарыта турсуута, репрессия ыар тыына ааһыыта колхуостаахтар олохторо саҥа оннун булан истэҕинэ, бары билэрбит курдук 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр фашисткай Германия сэрэтиитэ суох Сэбиэскэй Сойуус сиригэр – уотугар сэрииннэн киирбитэ.

Аан дойду II сэриитэ саҕаланан дойду үрдүнэн байыаннай балаһыанньа биллэриллибитэ. Саха сирин соҕуруу улуустарыттан дьону сэриигэ хомуйуу саҕаламмыта.

«Оттон хоту, улуустарга И.В. Сталин быһаччы дьаһалынан балык бырамыысылыннаһын күүскэ тэрийэр сорудах бэриллибитэ. Сүрүннээн Булуҥҥа балык собуоттара, артыаллара тэриллэн үлэлээн барбыттара, манна сэрии бүтүөр диэри тохтообокко күүстээх үлэ барбыта. Эмиэ оччолорго И.В. Сталин дьаһалынан «сымнаҕас көмүһү» түүлээҕи бултааһын соруга туран, хотугу улуустартан кадровай булчуттары сэриигэ ыҥырыы – ыытыы тохтотуллубута. Ити туһунан киэҥник ханна да сырдатыллыбатах. Арай хоту улуустар олохтоохторо кэпсииллэрин истээччибин» — диэн Н. Степанова 2013 с. тахсыбыт «История чахчылара» кинигэтигэр 137-с страницаҕа булан аахтым.

Соҕуруу улуустартан ити сэриигэ кыттыбыт – кыайбыт сэрии бэтэрээннэрин, дойду Дьоруойдарын уонна оччотооҕу тыылга үлэлээбит – олорбут, көһөрүүгэ сылдьыбыт тыыл бэтэрээннэрин кэпсээннэриттэн, суруйууларыттан биһиги көлүөнэ дьон хаһыаттартан да, кинигэлэртэн да ааҕан, үгүһү билэбит.

Оттон  хоту сиргэ, уһук оройуоннарга сэрии кэмигэр биһиги эһэлэрбит – эбэлэрбит, аҕаларбыт – ийэлэрбит, убайдарбыт – эдьиийдэрбит бу уһун – унньуктаах сэрии ыар сылларын хайдах тулуйбуттарын, тугу үлэлээн, хайдах аһаан – таҥнан олорбуттарын, төһөлөөх эрэйи – муҥу түөстэринэн тэлбиттэрин, кинилэр эмиэ Улуу Кыайыыны уһансыыга сүдү кылааттарын туһунан биир да чуолкай сыыппара, дьоһун докумуон суох, ол туһунан суруйуулар – ахтыылар бэрт сэдэхтэр диэтэхпинэ, сыыстарбатым буолуо…

Бу  төрүөтэ…баҕар  оччолорго  кырыы сирдэргэ, ордук хоту сиргэ киһи үксэ үөрэҕэ суоҕунан быһаарыллыа эбитэ эрэ, биитэр оччотооҕу салалта дьон олоҕор туһааннаах болҕомтону уурбатаҕа төрүөт буолбута эрэ?! Ону ким билиэ баарай?! Хоту улуустарга хоргуйуу, аччыктааһын, оҕо өлүүтэ олус элбэх этэ диэн, кырдьаҕастар кэпсээннэриттэн – ахтыыларыттан «үһү — тамах» эрэ курдук эрэ истэбит. Эмиэ ханна да чуолкайдаммыт сыыппара, докумуон отой суох. Бэйи, суруйан испиппиттэн арыый халыйаары гынным… Салгыыбын, оччолорго хоту дойду кадровай булчуттара сэрииттэн босхолонор «бронь» ылан «Барыта Кыайыы туһугар», диэн ыҥырыыны ылынан, түүлээх булду күүскэ сонордоһон бултаабыттарын туһунан аҕам кэпсиирин өйдүүбүн.

Ол курдук, мин аҕам Гавриил Дмитриевич Горохов уоттаах сэрии кэмигэр, 1941 – 1945 сылларга, кадровай булчут быһыытынан Булуҥ оройуонун уйаара – кэйээрэ биллибэт киэҥ туундаратыттан сүүһүнэн үрүҥ кырсаны, хара тыатыттан – саһыл, тииҥ, кырынаас курдук күндү түүлээхтэри, ону таһынан баһаам элбэх куобаҕы бултаан, тириилэрин государствоҕа туттаран дойду хааһынатын хаҥатан, Сэбиэскэй Сойуус модун кыаҕын бөҕөргөппүт чуолкай. Аҕам сэрии кэмигэр ыраах туундараҕа тоҥмута – хаппыта, аччыктыы – аччыктыы ардыгар тоҥ аһы аһаабыта таайан, 1953 – 1954 сс. буолуо куртаҕынан улаханнык ыалдьар буолан, ыаллыы сытар Саккырыыр оройуонугар, оччолорго «Байыннай быраастар кэлэн дьону эмтээн, уустук эппэрээссийэлэри оҥорон олохтоох нэһилиэнньэни бэрткэ абыраан эрэллэр үһү», диэн сураҕы ийэм барахсан истэ охсон, аҕабын «Эрдэ сылла онно баран куртаххын көрдөрөн, эмтэнэн кэлиэххэ», диэн тылыгар киллэрэн, оччолорго Бороҕон – Саккырыыр икки ардыгар табаннан эрэ сылдьыһар сирдэригэр, миигин 3 – 4 – х кыра оҕону кибииккэ сыарҕаҕа тиэйэн, 10 –н 20 – н көстөөх сиргэ таас хайалар быыстарынан, аата – ахса биллибэт таас үрэхтэри, үрүйэлэри туораан Саккырыыр оройуонун киинигэр ый курдук унньуктаах уһун айаны айаннаан кэлбит үһүбүт. (1958 с. эмиэ итинник айаннаан барбыппытын өйдүүр буолан ити суруйдум).

Саккырыырга кэлэн бөһүөлэк үөһэ өттүгэр, үрүйэ төрдүгэр аҕам манна, хаһан да ким да көрбөтөх дьикти тутуутун, 8 кырыылаах, ортотунан үөлэстээх үөһэ өттө суптугар дьиэни тутан, онно олорбуппут. Ону кыра буолан улаханнык өйдөөбөппүн, арай кэмпиэт сиэхпин баҕардахпына, ол халлаан көстөр үөлэһинэн 2 – 3 – тэ ытыспар кэмпиэт кэлэн түһэрин өйдүүбүн (аралдьытан, көрбөт кэммэр аҕам кэмпиэти үөһэ быраҕар эбит, ону мин түһэн эрэ иһэрин көрөөхтүүр буоллаҕым).

Саккырыырга, оччолорго аҕам 1 – кы кэргэниттэн уола Горохов Степан Гаврильевич, НКВД отделыгар үлэлиир этэ. Наһаа улахан «Ыт буутун саҕа» диэччилэр, нагааннаах буолааччы уонна күөхтүҥү сукуна таҥастан формалаах, фуражкалаах буолааччы.

Биһиги манна кэлбиппит кэннэ, убайым Ыстапаан олохтоох эбээн кыыһын Колесова Евдокия Гаврильевнаны, бастакы телеграфистка кыргыттартан биирдэһин кэргэн ылбыта. Маннааҕы оҕо сааһым түгэннэрин олус чуолкайдык өйдүүбүн, ону эмиэ хаһан сурукка тиһэн ааҕааччыбар тиэрдиэм дии саныыбын. Саккырыырга кэлэн биһиги 2 дуу, 3 дуу сыл олорбуппут, ол кэмҥэ байыаннай хирург, Чиняев диэн киһи аҕам куртаҕын эппэрээссийэлээн, куртаҕын 1/3 – н (баастаах өттүн) быһан ылан быраҕан кэбиспит. Аҕам онтон ыла үтүөрбүт, ол эрээри куртаҕын кээмэйэ кыччаан аһы сэрэнэн, кэмнээн аһыыр этэ. Онтон аны ийэм муҥурдааҕа тэстэн, эмиэ ол байыаннай хирурдар илиилэригэр киирэн тахсыбыта. 3 – с сылбытыгар быһыылааҕа, ити 1957 – 1958 сс. Эргин, биһиги аны дойдутугар Бороҕоҥҥо эмиэ сыарҕалаах табаннан төттөрү айаннаабыппыт.

Ол тиийдэхпит сыл, Аҕа Дойду улуу сэриитигэр, тыылга үлэлээбит дьон эрэйдэрин – сыраларын сыаналаан дойду салалтатын дьаһалынан эбитэ буолуо, биирдэ аҕабын улахан мунньахха кулуупка ыҥыран, араас тааҥка, сөмөлүөт уруһуйдаах улахан кумааҕыны – Грамотаны туттарбыттарын субу баардыы өйдүүбүн… Оччолорго мин 5 – 6 лаах оҕо этим. Онно Грамотаны таһынан, аҕабар өссө 5 – тэ эстэр бинтиэпкэни сыанаҕа ыҥыран, эҕэрдэлээн туттарбыттарыгар аҕам барахсан уҥуоҕа хамсыар диэри үөрбүтүн, кэлэн миигин көтөҕөн ылан ньилбэҕэр олордубутугар, мин эмиэ үөрэн аҕабын инчэҕэй (хараҕын уута түспүт быһыылааҕа) иэдэһиттэн сыллаан ылан баран, ытыспын «тэс» гына охсубуппун өйдүүбүн, ол аата…аҕам үөрүүтүн үллэстибитим.

Миигин ол мунньахха ийэм барахсан «ытыахпар диэри» киэргэтэн, маанытык таҥыннаран ыыппыта: маҥан кырса саҕалаах кытархайдыҥы вельвет сон, куба түүтэ кылбаа маҥан бэргэһэ, ойуулаах эриэн этэрбэс кэтэрдэн, төбөбөр тэрэпиискэннэн кыһыл баанчык баайан ыыппыта.

Аҕам эмиэ таҥныбыт этэ: мааныга кэтиллэр сиэрэй твид көстүүмү, хара ыстааны, туруору сурааһын ойуулаах ырбаахы уонна сиэрэй хаатыҥка кэппит этэ. Ити мунньахха элбэх мааны дьоннор, арааһа бары эмиэ наҕараада туппуттар быһыылааҕа, уопсайынан, олус үчүгэй өрө күүрүүлээх бырааһынньыктан, аҕам биһикки иккиэн сүргэбит көтөҕүллэн дьиэлээбиппит. Уруккута «Кыһыл Ыллык» колхуос сэрии саҕана «Сталин» аатынан колхуос буолбут, сэрии кэнниттэн дьон – сэргэ бары 1961 сыллаахха диэри ити кохуоска үлэлээбиттэр. Ол иһигэр мин дьонум эмиэ. Мин ийэлээх аҕабар соҕотох хаалбыт оҕо буолан ийэ иһирэх, аҕа амарах тапталларын толору билэн мааныга — далбарга, олус уйаҕас, истиҥ эйгэҕэ улааппытым.

Аҕам ыйы – ыйдаан тыаҕа, бултка сылдьан баран кэлэрэ миэхэ мэлдьи бырааһынньык этэ. Аҕам кэллэҕинэ ийэм ас арааһын астыыра, дьиэбит иһин биир гына алаадьы, бэрэски, бөрүөк минньигэс сыта тунуйара. Тиҥинэччи оттуллубут тимир оһоххо эмис (бүтэй бүөр сыалаах) куобах этэ, биитэр балык буһан будулуйара. Балаҕаммыт ис эйгэтэ сылааһынан кууһа, сырдыгынан сыдьаайа уонна туох эрэ биллибэт дьикти сүүрээнинэн туола түһэрэ.

Аҕам «Мюнгхаузен» мүлчүргэннээх сырыыларын курдук дьикти, ардыгар (миигин үөрдээри буолуо) омуннаах кэпсээннэрин, бултка сылдьыбыт сырыыларын, айылҕа дьикти көстүүлэрин, арааска түбэспит түгэннэрин, былыргы кырдьаҕастар кэпсээннэрин, үгүс үһүйээннэри хайдах барытын төбөтүгэр илдьэ сылдьан, хааһахтан хостуур курдук уустаан – ураннаан кэпсиирин, билигин да сөҕө саныыбын.

Дэҥ эмит, улахан бырааһынньыктарга кыратык холуоччуйдаҕына туойар уонна олоҥхолуур идэлээҕэ. Дьиктитэ диэн, ону дьоҥҥо хаһан да биллэрбэтэҕэ. Оттон айылҕаттан айдарыылааҕын – гипнозтааҕын, туһунан дьон кэпсээниттэн эрэ билэрбит. Ону таһынан сахалыы эмтиирэ: илбийэрэ, түүннүүрэ, хаанныыра уонна уҥуох тутара. Дьэ, ити курдук ураты дьоҕурдааҕын, дьикти талааннааҕын иһин, (сороҕун өссө суруйбутым) мин аҕабын нэһилиэгэр «Дьиибэ Хабырыыс» диэн ааттыыллара. Маны билигин да Бороҕоҥҥо олорор сиэн быраата, 88 саастаах Афанасий Романович Горохов ахтыытыгар хаста да ахтан ааспыт. Аҕам 1984 – 1985 сс. сэрии уонна тыыл Ветерана буоларын туоһулуур дастабырыанньаны манна олорон ылбыта. Кини 1995 сыллаахха эчэйиититтэн сылтаан, олохтон 89 сааһыгар соһумардык барбыта.

Манан Улуу Кыайыыны уһансыбыт, сэрии сылларыгар тыылга бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит хоту сир хоһуун булчуттарыттан биирдэстэрин, аҕам — сэрии уонна тыыл бэтэрээнэ Горохов Гавриил Дмитриевич туһунан ахтыы суруйуубун түмүктүүбүн.

Кэлэр 2025 сыл, Улуу Кыайыы 80 сылын эйэлээх халлаан анныгар өрөгөйдөөхтүк бырааһынньыктыахпыт, диэн эрэнэ күүтэбин.

 

Горохов Гавриил Дмитриевич

кыыһа С. Горохова (Харысхаана)

Читайте дальше