“Алтан чуораан тыаһынан,
Үөрэх дьыла саҕаланна,
Оҕо аймах үөрүүтүнэн
Оскуолабыт аана арылынна…”
Балаҕан ыйын 1 күнэ – сырдык, кэрэ бырааһынньык. Хас биирдии киһи оскуолаҕа, араас үөрэх кыҺаларыгар ылбыт билиитэ кэскилин түстүүр, олоҕун суола буолар.
Быйыл Билии күнэ өрөбүл күҥҥэ түбэһэн, үөрэх дьиэлэрин ааннара балаҕан ыйын 2 күнүгэр арыллаллар. Бу бэлиэ күҥҥэ анаан биһиэхэ Мария Чукрова, оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрин эйэҕэстик ахтан-санаан суруйан ыытта.
— “Билии күнэ… 55 сыл анараа өттүгэр, балаҕан ыйын 1 күнүгэр алтан чуораан аргыстаах Майа орто оскуолатын боруогун атыллаан 1-гы кылааска киирбитим. Ол оскуолаҕа бастакыттан төрдүскэ дылы үөрэнэр эбиккин. Начальнай кылаастар буоллахпыт. Оҕотук санаабар олус киэҥ буолан көстүбүтэ. Сибиэһэй кырааска сыта муннубун саба биэрбитэ. Кылаас иһэ эчи киэҥин, сырдыгын, оҕо бөҕө мустубут. Бары паартаҕа олорбуттар. Олус долгуйан кими да өйдөөн көрбөтүм. Учуутал кытаанах куолаһа өссө ыгылытта.
Сотору буолаат параларынан сиэттиһэн уопсай линейкаҕа таҕыстыбыт. Балайда хааман оскуола спортивнай площадкатыгар тиийдибит. Онно көрөн сөхпүппүөн… Олус да элбэх оҕо оскуолаҕа үөрэнэр эбиит…
Билии күнүттэн саамай үөрбүтүм наһаа үчүгэй ойуулаах, хоруопкалаах бастакы кылаас үөрэнээччитигэр диэн бэлэх этэ. Хас биирдиибитигэр оскуоланы бүтэриэхтээх үөрэнээччилэр алтан чуораан доҕуһуоллаах туттарбыттара.
Ити барыта билигин да үтүө өйдөбүл буолан сылдьар. Хаһан да хатыламмат оҕо саас ахтылҕана…
А буукубаттаан саҕалаан ааҕарга, суруйарга үөрэппит 1-кы учууталбыт, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, Россия Үөрэҕириитин туйгуна Анна Ивановна Давыдова.
Бастакы учууталбыт эйэҕэс мичээрин бэлэхтээн мэлдьи көлүөнэлэр көрсүһүүлэригэр сылдьар. Биһиги оскуоланы бүтэрбиппит 45-с буолла. Хас биирдиибитин бэккэ өйдүүр эбит. Кэлбэтэх оҕолу сураһар.”