2024 сылтан Арассыыйа Судаарыстыбатыгар гражданство ылыытыгар  саҥа сокуоннар олоххо киирдилэр

Саҥа сокуоннарга олоҕуран хас биирдии төрөппүт 14 сааһыгар диэри төрөөбүтүн туһунан сибидиэтилистэбэлээх оҕолоругар  гражданство ылыытын туһунан сайабылыанньа биэрэрэ ирдэнэр. Сайабылыанньаны ханна бэриллэрий?

Бу туһунан Эбээн Бытантайдааҕы ПП МО МВД миграционнай пуунун кылаабынай исписэлииһэ, эксперт Христина Горохова иһитиннэрэр.

  • Бу сыл кулун тутар ый 1 күнүттэн дойдубут границатын туоруурга сокуоҥҥа олоҕурбут саҥа быраабылалар олоххо киирэллэр. Оҕолор границаны Арассыыйа гражданиннара буолалларын бигэргэтэр докумуоннаах эрэ буоллахтарына көҥүллэнэр. Маннык докумуону ыларга төрөппүт биитэр оҕо сокуоннай бэрэстэбиитэлэ кинилэр олорор, баар сирдэрин миграционнай пуунугар сайабылыанньа биэрэн ылыахтарын сөп. Ол эбэтэр, оҕо кыраныыссаны туорууругар маннык докумуоннар ирдэнэллэр: заграничнай пааспар; Арассыыйа гражданина буоларын туһунан бэлиэтээһиннээх уонна бэчээттээх оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлэстибэтэ. Биһиги миграционнай пууммутугар маннык бэчээт сотору кэминэн баар буолуоҕа, сайаапка ыытан турабыт. Бэччэт кэллэр эрэ биллэриэхпит.Маны таһынан,  төрөппүт пааспара, манна оҕотун туһунан сибидиэнньэҕэ Арассыыйа гражданина буоларын туһунан бэчээт булгуччу баара ирдэнэр.  Онон, төрөппүттэрмиграционнай пууҥҥа  кэлэн пааспаргытыгар бэчээт туруоттарараргытыгар.Хас биирдии дойду олохтооҕо кыра эрдэҕиттэн Арассыыйа гражданина буоларын туһунан билиэхтээх уонна өйдүөхтээх. Бу улахан суолталаах. Холобура, 14 сааһын туолбут оҕо Арассыыйа граданинын пааспарын ыларыгар; субсидированнай билиэт ыларга; кыраныысса таһынааҕы пааспар ыларга; Арассыыйа таһыгар сылдьарга. Маны тэҥэ, кыраныысса таһыгар сылдьар пааспардаргытын көрүнэргтигэр көрдөһөбүн, тэхиниичэскэй биричиинэнэн 2023 сылга бэриллибит сорох докумуоннарга шрифт сыыһалара баар буолуохтарын сөп. Ол эбэтэр, 7 сыыппара көнө атахтаах уонна 1 сыыппара тардыыта аннынан.

 

Яна РОЖИНА