10, 11 кылаас оҕолоро быйылгыттан история предметигэр саҥа биир кэлим учебнигынан үөрэниэхтэрэ. 11 кылаас үөрэнээччилэрин «История России» үөрэнэр кинигэлэрэ 1945 с. – XXI үйэ саҥатын кэрдиис кэми хабар.
Үөрэтэр кинигэ урукку сэбиэскэй кэм саҕанааҕы учебниктан уратыта диэн бэлиитикэни таарыйбат уонна историяҕа буолбут түбэлтэлэри хронологическай хаамыыларын дьиҥ чахчытык көрдөрөр. Кинигэ бүтэһик баһа Украинаҕа буолбут конфликка уонна анал байыаннай дьайыыга ананар. Аны кэлэр 2024/2025 үөрэх дьылын саҥатыгар 5-9 кылаас үөрэнээччилэригэр анаан саҥа үөрэнэр кинигэлэр тахсыахтара.
«Эбээн-Бытантай улууһугар 11 кылаас үөрэнээччилэригэр история саҥа учебнига 41 устуука кэллэ уонна оскуолаларынан түҥэтилиннэ. Онтон 10 кылаас учебниктарын өрөспүүбүлүкэбит Москуба куораттан кэлэрин кэтэһэр, Дьокуускайга кэллэ эрэ оройуоннар бэйэбит ылан аҕалтарабыт,» — диэн үөрэҕирии салайааччыта Петр Потапов сырдатта.